Page 214 - Кун кууьар хайатыттан
P. 214
Мадам, мин ытыктыыр додорум Бурбон Второй эйигин
кытта дорооболоһор. (Кини эбисийээнэтин миэхэ утары уунна.)
Мин. Чээн, бэрт бадайы дии. (Эбисийээнэни ыллым.) Эйи
гин аны кэлиэ суоҕа дии санаабытым.
Азиз. Togo инньэ диигин?
Мин. Оттон оннук курдук этэ дии.
Азиз. Көрөрүҥ курдук, мин кэллим, содотодун буолбак-
ка, ессо додорбун адаллым.
Мин. Туохха кэллигит?
Азиз. Сэрэйбэккин дуо? Мин туспунан барыны-бары
билэдин дии. «Тодоос эрэ көһүннэр...» Өйдүүгүн?..
Мин. Ээ, бүт эрэ.
Биһиги Бурбону икки өтгүтгэн сиэтэн, балааккаҕа кэлэн,
табахтыы олордубут.
Азиз. Кэрэ да дьахтаргын!
Мин. Саҥа көрдүҥ дуо? Оттон эн кэргэниҥ кырасыабай
этэ дуо?
Азиз. Кини билигин да кырасыабайа буолуо. Ол эрээри
сааһырдада дии — сүүрбэ иккитэ буоллада...
М и н. Эн кинини таптыыр этин дуо?
Азиз. Буолуо. Ол эрээри чопчу билбэт эбиппин.
Мин. Оттон холбоһоргутугар да билбэт этиҥ дуо?
Азиз. Дьининэн этгэххэ, ойохтоммутум да түбэспиччэ,
арахсыбытым да соһуччу этэ... Мин да, табаарыстарым да бэрт
судургу олохпутун сирбэт-талбат этибит, онтон атын олох
баарын билбэт да курдук, оннугунан соп буолар этибит. Па-
трульга устан кэлэн баран, биэрэккэ тахсан арыгылаан, ыл-
лаан-үҥкүүлээн, кыргытгары кытта билсэн-көрсөн бириэмэ
атаарарбыт. Биирдэ биир кыысчаан миэхэ кэлэн баран хонон
хаалла, сарсыарда турбутум — «ийэм мөдүө» дии-дии ытыы
олорор. «Ну-ка, подъем!» диэтим мин, саахсада ыстанныбыт.
Эрдэ бадайы тиийбиппит, сүүрбэччэ мүнүүтэ таһырдьа кэ-
тэстибит. Табаарыстарым көр-күлүү курдук сыһыаннастылар,
мин бэйэм даданы оннук ылынным, улаханнык долодойбор
түһэрбэккэ эрэ ыал буолан хааллым. Дьэ сыбаайбам кэннит-
тэн аан бастаан муорада тадыстым. Онно түүн вахтада тура-
бын — иннибэр кыраайа биллибэт акыйаан, үрдүбэр тырым-
нас сулус бөдө. Онуоха бэйэбин олус үчүгэй, үтүө сүрэхтээх,
212

