Page 339 - Кун кууьар хайатыттан
P. 339

гыраата. — Эн тускар барыта кэрэ, отгон эн айаатаан ыыра
       бараҕын...
         Хос утуйа сатаата эрээри, уута кыайан кэлбэтэ. Төһө өр
       маннык буолуой диэн эмиэ санааҕа-онооҕо ылларан барда.
         «Эбэтэр хаһан да бүтэр уһуга суох өрүү маннык кэбилэ-
       ниэх муҥа дуу? Хайдах бу тыыннаахтыы иирдэр аҥхайтан
       оронон тахсарый? Taxcap, быыһанар суол баар буолуохтаах,
       баара чахчы, ол эрэн ону хайдах буларый? Эбэтэр олорор уон-
       на күүтэр эрэ дуу дьылҕата хайдах дьаһайарын?»
         Буҕарҕананы санаан кэллэ, кини ырыатын истиэн баҕарда.
       Хайыы үйэ киниэхэ үөрэммит эбит... Оттон буҕарҕана бил-
      либэтэ, санаата алдьанан барда.
         Төбөтүн өндөттө. Онтон хорҕолун айаҕын бүөлүүр оту туо-
      ра тарыйда. Иттэннэри сытан, сулустары умсугуйа одуулаата.
       Олус да элбэхтэр!.. Бу бэҕэһээҥҥиттэн эрэ сулустары болҕо-
       йон көрбүтүн эмиэ дьиктиргии санаата.
         «Хас биир киһи бэйэтэ сулустаах дииллэр. Ол сулус киһи-
      ни кытта төрүүр, кинини кытта олор... Дьикти дии, чахчы он-
      нук буолуо дуо? Эбэтэр эбээтин кэпсэлэ дуу... Оол сулус суру-
      лаан түстэ, ол аата, ким эрэ өллөҕө, ону кытта сулус эрэйдээх
      эмиэ өлбүтэ буолуо... Хайа сулус миэнэ буолуой? Оол буо­
      луо дуу?.. Баҕар, атын буолуо... Мин сулуһум букатын даҕа-
      ны мантан көстүбэтэ дуу?.. Баҕар, мунан хаалбыта буолаарай,
      мин күрүөйэхпиттэн тэптэрэн? Оччотугар мин сулуһум, би­
      ли милииссийэ курдук, ыаллыы сулустарыттан: «Шумкалпак
      ханна эрэ куотан хаалбыт дии, кини ханна саһа сылдьарын
      билбэккит дуо?» — диэн ыйыталаһара буолуо. Баҕар...»
         Ити кэмҥэ буҕарҕана ыллыыра иһилиннэ.
         «Кэллэ! — Шумкалпак үөрэн өндөс гынна. — Кэллэ! Кэлиэ
      диэн мин билэр этим! Эйигин булгуччу кэлиэ диэн мин билэр
      этим!»
         Ордуутуттан быган тахсыбытын бэйэтэ да билбэккэ хаалла
      уонна улаханнык үөрэн хаһыытаан бытарытта:
         — Доҕоччуок, туругур! Эн кэллиҥ! Эн миигин умнуба-
      таххы-ын!..
         Бэйэтин олус улахан уонна мээнэ үөрбүт хаһыытын ис-
      тэн, Шумкалпак өйдөнө түстэ, тулатын чун нуу одуулаата.
      Куһаҕан битэ тардан сүрэҕэ хам тутта, сонно тута кини бэйэ-
                                                               337
      22-18
   334   335   336   337   338   339   340   341   342   343   344