Page 385 - Кун кууьар хайатыттан
P. 385
туран кэлэр. Аҥаара — кытарбыт, аҥаара — испит. Атауул
туттуммакка күлэр.) Аны сааҥ да наадата суох буолбут. Бул-
чут эрэйдээх! Котор кынаттаах көмүскэнээри сааҕынан ыһа-
рын билбэт этин’ дуо?! Урут билбэт да буоллаххына, аны ум-
нубаттыы өйдөөтөҕүҥ. Чэ, кэлбит суолгунан бара тур... Ууну
була охсон хараххын суунаргын умнума.
К е м у у л хараҕын тутта-тутта барар. Ала Тураах уонна Кермарал
үтэн-анньан атаараллар. Атауул хараҕыи саба туггубут Лыахха, Түл-
пээн ҥэ уонна Бугучар тугутчааҥн а кэлэр.
Лыах барахсан... куттаныма... Барыта бүттэ... Биһиги бары
көмөлөөн адьарайы үүрдүбүт.
Лыахчаан, кет, кет,
Биһиэхэ түргэнник төннөрдүү.
Саас ахсын күүтэбит эйигин.
Тигээйичээн (ыллаһар). Атауул доҕорбут уонна мин.
Лыах уонна Тигээйи сиэтгиһэ сылдьан үҥкүүлүүллэр.
Атауул. Тигээйичээн, маладьыас! Эн олус хорсуҥнун!
(Түлпээҥҥэ.) Түлпээн, эн куттанныҥ дуо? Куттаныма. Эн
боотурдар хааннарыттан хаан тамайаҕын эбээт.
Т ү л п э э н. Мин хаан тохторун сөбүлээбэппин. Икки
атах, бэйэ-бэйэҕин харыстас.
Атауул (тугутчааҥка чугаһыыр). Оттон эн? Олус кут-
танныҥ дуо? Кор — көмүскээччиҥ төһөтүн — элбэхтэр. (Имэ-
рийээри илиитин ууммутугар, тугутчаан соһуйан туора ойор.
Атауул сэрэнэн киниэхэ чугаһыыр.) Улааттаххына — күүстээх,
хорсун таба буолуон...
Кермарал (Саймалуу Тааска). СаймалууТаас... Бэҕэһээ
икки бэлиэни көрбүтүм-билбитим... Бу билигин — үсүһү...
Атауул. Кэл... куттаныма, мин таастан түһэриэм. Кут
таныма. Мин — Атауулбун. Биһиги бары биир хааннаахпыт
дии, аймахтыыбыт. Мин эмиэ Ийэ Таба сыдьаанабын.
Кермарал (үөрэн). Саймалуу Таас... Иһиттиҥ? Икки
атах оҕото ытык өһүн амалыйда. Кини эттэ: биһиги — биир
өбүгэлээхпит!
Лыах. Биһиги — биир хааннаахпыт...
Тигээйичээн. Биһиги — биир силистээхпит...
Бугучар. Биһиги — биир олохтоохпут...
383

