Page 386 - Кун кууьар хайатыттан
P. 386
Ала Тураах. Биһиги — биир ситимнээхпит.
Бары Саймалуу Таас уонна Түлпээн туда
үҥкүүлүүллэр, оһуохайдыыллар.
Саймалуу Таас. Биһиги бары айылҕа оҕолоробут...
Биһиги биир аймахпыт...
Күлсэллэр. Бары үҥкүүлүүллэр. Айылҕа үөрэр.
Ийэ-Таба хобо чуораана иһиллэр.
Остуоруйа кыттыылаахтарын ырыата.
Ала Тураах. Ала Тураах эмиэ эһиэхэ көттө.
А т а у у л. «Ала Тураах» диэн ким эттэ?
Ала Тураах. Харабыл эттэ.
Кермарал. Оттон ким «Харабыл» диэтэ?
Т у л п э э н. Сыспай сиэллээхпит эттэ.
Л ы а х. Оттон ким «Сыспай сиэллээхпит» диэтэ?
Тигээйичээн. Күлүүс ити туһунан эттэ..
Ала Тураах. Оттон ким «Күлүүс» диэтэ?
Тугутчаан. Күөл баҕата эттэ дии...
Дьээ-дуо, ытык Итии Күөллээх,
Дьээ-дуо, Арпа, Аксай хонуулаах,
Дьээ-дуо, хаар маҥан бэргэһэлээх
Дьээ-дуо, кыргыс хааннаах омукпут!
Дьээ-дуо, остуоруйа омуннаах,
Дьээ-дуо, олох эмиэ остуоруйа,
Дьээ-дуо, oijo аймах үөрүүтүгэр,
Дьээ-дуо, айыллыбыт айымньы!
Дьээ-дуо, өбүгэбит үгэһин
Дьээ-дуо, саныырбыт тухары
Дьээ-дуо, сайдан-үүнэн иһиэхпит...
Дьээ-дуо....
Б ы ы с.
Александра Попова-Долгура тылбааһа

