Page 44 - Кун кууьар хайатыттан
P. 44

УҺУЛУЧЧУ

                           Томтордор буолбатах — үрүҥ ураһалар
                           Кэккэлии дьондоһон тураллар,
                           Тыал ытыллар толоонноро буолбатах,
                           Ийэлэрбит кичэйэн тэлгээбит
                           Дастарханнара2, күндү ийэлэрбит
                           Уолаттарын күүтэллэр
                           Сарсыарда эрдэттэн.

                           Халлааҥҥа харбаспыт барыта
                           Чыпчаал, чулуу буолбат.
                           Улуу, уһулуччу диэн —
                           Бытарҕан тымныыттан самныбатах,
                           Өстөөхтөн, өргөстөн чаҕыйбатах
                           Эһэлэрбит барахсаттар.


                                        СИРЭЙ

                           Киһи,
                           Ып-ыраас сирэйиҥ ньуурун
                           Мэлдьи харыстаа.
                           Икки ытыскын холбуу тутан,
                           Иэдэстэргин илииҥ иминэн кистиигин,
                           Иэдэстэриҥ — суобас уонна чиэс
                           Туллар тутаахтара.
                           Сирэйгэр биллэр итии кутаа
                           Кутталы ончу суоһаабат,
                           Бэл тыйыс тымныы
                           Кыһарыйбат, хаарыйбат.
                           Арай саат-суут диэн атын.
                           Сааттан-сууттан умайыахха сөп!
                           Харыстаа, доҕоруом, бэйэҥ сирэйгин,
                           Ып-ыраас аһаҕас сирэйгин!


                 2 Дастархан — муостаҕа тэлгэнэр халыҥ ыскаатар.
              42
   39   40   41   42   43   44   45   46   47   48   49