Page 45 - Кун кууьар хайатыттан
P. 45

СИЭМЭ УОННА БУУЛДЬА

                     Халты ытыллыбыт буулдьа
                     Сиргэ дьөлө түһэр, чуумпуну бул ар.
                     Кулун тутарга, от ыйыгар да
                     Туораах быгарын моһуоктуо.

                     Ол онно төһө сиргэ тиксэн,
                     Үүнэр, чэчириир дуо?
                     Сүүс төгүл хомолтолоох анала:
                     Суола сойор, ииҥҥэ түһэр.

                     Миигин хонуу тулалыыр,
                     Мин сүрэхпин үөрдэр.
                     Үрүҥ күнү көрөбүн —
                     Дьылҕабар махтанабын!

                     Сир Ийэм, эн дьоллоох буол,
                     Бэйэҕэр сиэмэни иҥэрэ.
                     Килиэп баар — олох төрдө,
                     Килиэп диэн — олох!



                                 ҮӨРҮҮ

                     Кызарта аартыгар туран,
                     Ытыска уурбут курдук,
                     Бэркэ билэр төрүт сирдэрбин
                     Кэрэхсии көрөбүн.
                     Онно чээл күөх чэлгийэр,
                     Аттар көҥүл мэччийэллэр,
                     Күөрэгэй күннээх тойуга
                     Чугдаарыйа кутуллар.
                     Арааһа, ити мин
                     Үөрбүт, көнньүөрбүт сүрэҕим
                     Сири үрдүнэн ырыа курдук
                     Куйаара көччүйэр...





                                                                43
   40   41   42   43   44   45   46   47   48   49   50