Page 12 - Курбуьахтар А5а дойду кемускэлигэр
P. 12

Курбуһахтар Аҕа дойду көмүскэлигэр




               бастакы ТОЗ-тары тэрийиигэ, холкуостары бөдөҥсүтүүгэ элбэх сыратын
               биэрэн үлэлээбит, партия чилиэнэ.
                  Бороҕоҥҥо сберкасса сэбиэдиссэйинэн үлэлии олорон 1941 сыл балаҕан
               ыйын 4 күнүгэр сэриигэ ыҥырыллыбыт. Үлэтин туттаран баран дойдуту-
               гар Курбуһахха тахсан ийэтин, оҕолорун кытта икки хонон барбыт. «Аҕам
               барарыгар ийэтигэр: “Ийээ, наһаа айманыма. Мин Ийэ дойдубун өстөөхтөн
               көмүскүүр ытык иэһим, этэҥҥэ сырыттахпына эргиллиэм буоллаҕа. Оҕо-
               лору үөрэттэрэ сатаар. Сүөһүлэргин холкуоска ылан көрүөхтэрэ, этэҥҥэ
               буолуҥ”, — диэбитэ. Сэриигэ барааччылары атаарыы буолбута. Аҕабыт
               эдьиийим биһи иккини көтөҕөн ылан сыллаталаан баран сулбу атыгар хаа-
               ман тиийбитэ. Акка олорон буору өрүкүтэн арҕаа диэки бара турбуттара
               билигин даҕаны харахпар көстөргө дылы», диэн кыыһа Аана ахтыытыгар
               суруйбут. Кыргыттар эрдэ тулаайах хаалбыттар ийэлэрэ эрдэ өлбүт, эбэ-
               лэрэ сэрии кэмигэр.
                  Александр 110 стрелковай дивизия 1287 стрелковай полкатын састаа-
               быгар киирэн сэриилэспит. 1942 сыл кулун тутар 22 күнүгэр сэрии толоо-
               нугар хорсуннук сэриилэһэ сылдьан охтубут. Көмүллүбүт сирэ Смоленскай
               уобалас Износкинскай оройуонун Беспутино дэриэбинэтэ.
                  Александр Васильевич улахан кыыһа Маайа кыратыттан ыарыһах буо-
               лан, сэрии ыар сыллара кэбирэтэннэр 1960 сыллаахха суорҕан-тэллэх ки-
               һитэ буолан күн сириттэн барбыт.
                  Иккис кыыһа Пухова Анна Александровна Уус Күөлүн бөһүөлэгэр
               олорбута, биэс оҕо ийэтэ, элбэх сиэн, хос сиэн тапталлаах эбэтэ буолбута.

                    Копырин, А. Дьолго дьулуур күүһүнэн / Афанасий Копырин // Мүрү саһарҕата.—
                    2004.— Ахсынньы 11 к.
                    Сэрии мин дьиэ кэргэним олоҕор // Мүрү саһарҕата.— 2020.— Атырдьах ыйын
                    20 к. — С. 8-9.



















               10
   7   8   9   10   11   12   13   14   15   16   17