Page 13 - Курбуьахтар А5а дойду кемускэлигэр
P. 13
АММОСОВ АЛЕКСЕЙ ПЕТРОВИЧ
(1919-1943)
1919 сыллаахха II Курбуһах нэһилиэгэр Чугдаа-
ра алааска төрөөбүт. Сэрии иннинэ Сталин аатынан
холкуоска кыладыапсыгынан үлэлээбит.
Алексей бэйэтин кыанар, ааттаах тустуук эбит.
«Дойдутугар күүстээх тустууктары кытта тустан
букатын тулуппата үһү. Чурапчы Бахсытыттан Тү-
нэ диэн тустуук киһи аат-суол былдьаһа киирби-
тин эмиэ кыайбыт. Көтөҕөн ылан төбөтүн үрдүнэн
быраҕар идэлээх эбит. Оннук бэйэтин кыанар ула-
хан киһи этэ. Ааттыын да Өрөгөйдөөх Өлөксөй
дэнэрэ», диэн үлэ, тыыл ветерана Васильев Г. Г. I
ахтыытыгар суруйар.
Сэриигэ 1942 сыл бэс ыйын 27 күнүгэр Чурапчы оройуонун байыаннай
комиссариатынан ыҥырыллан барбыт. 18-с хайыһар биригээдэтигэр сыл-
дьыбыт, 1943 сыл сэтинньи 5 күнүгэр сэрии толоонугар охтубут. Көмүл-
лүбүт сирэ биллибэт. Кэргэнэ, оҕото суох.
Иккис Курбуһах Сталин холкуоһа Кыайыы туһугар / [хомуйан оҥордо Е. Г. Око-
нешникова]. — Дьокуускай, 2007.— С. 22.
АММОСОВ АФАНАСИЙ АФАНАСЬЕВИЧ
(1925-1957)
1925 сыллаахха I Курбуһах нэһилиэгэр Кулады
сиригэр Чараҥ алааска Мария Петровна уонна Афа
насий Филиппович Аммосовтар дьиэ кэргэннэри-
гэр төрөөбүт. Сэттэ кылаас үөрэхтээх. «Кыһыл хар-
дыы» холкуоска сүөһү-хонуу үлэтигэр үлэлээбит.
1943 сыллаахха Чурапчы оройуонун байыаннай
комиссариатынан ыҥырыллан сэриигэ барбыт. Мон-
голияҕа Чойбалсан куораттан 12 км сиргэ турар
17 аармыйа артиллерийскай чааһыгар сулууспалаа-
быт. Ол туһунан бииргэ сылдьыбыт киһитэ, сэрии,
үлэ бэтэрээнэ, инбэлиит, Түүлээх нэһилиэгин олох-
тооҕо Николай Васильевич Бочкарев бу курдук суруйар: «...Курбуһахтан
11

