Page 15 - Курбуьахтар А5а дойду кемускэлигэр
P. 15
Кмлл да уллнуллубат, туох да уллнуллубат!
АММОСОВ ВАСИЛИЙ АЛЕКСЕЕВИЧ I
(1920-1944)
1920 сыллаахха II Курбуһах нэһилиэгэр Сотоку алааска Аммосов Алек
сей Васильевич дьиэ кэргэнигэр торообут.
«Аммосов Василий Алексеевич кылгас сэтэлээх суон моойдоох, сур-
дээх бөкүнүк халыҥ эттээх-сииннээх, суон модьу быччыҥнардаах илии-
лээх, атахтаах, ортону үрдүнэн унуохтаах, күүстээх көрүҥнээх, наһаа
холку, намыын, лоп бааччы аҕыйах саҥалаах киһи этэ», диэн Толоон Эбэ
кырдьаҕастара кэпсииллэр эбит.
«1942 сыл атырдьах ыйын 18 күнүгэр II Курбуһахтан төрдүө буолан
сэриигэ барбыппыт: мин, Аммосов Егор Николаевич, Ермолаев Капитон
Филиппович уонна Аммосов В. А. Дьокуускайтан «Москва» пароходунан
барбыппыт. Күҥҥэ үстэ аһаталлара уонна улахан саалаҕа мунньан уорэ-
тэллэрэ, баар балаһыанньаны кэпсииллэрэ. Мальта станцияҕа тиийэн ме-
дицинскэй көрүү кэнниттэн миигин сыыйан, байыаннай лааҕырга хаалбы-
тым. Аммосов В. А., Ермолаев К. Ф., Аммосов Е.Н. арҕаа ыыппыттара»,
диэн Аммосов Иннокентий Иннокентьевич ахтыытыгар суруйбут. Бииргэ
барбыт киһитэ Ермолаев Капитон Филиппович ахтыытыгар суруйарынан,
Василий Алексеевичтыын биир чааска түбэһэн байыаннай үөрэххэ уонна
сэриигэ бииргэ сылдьыбыттар. Биирдэ элбэх олуулээх-сутуулээх атаака
кэнниттэн Капитон Филиппович госпитальга киирбит. Онтон ыла Василий
Алексеевиһы көрбөтөх.
«Өйдөбүнньүк» кинигэ үһүс томугар 1944 сыл атырдьах ыйын 18 куну-
гэр олбут, комуллубут сирэ биллибэт диэн суруллубут.
Костромина Е. И. Толоон Эбэ / Костромина Е. И. —Дьокуускай, 2010,— С. 26-27.
13

