Page 136 - Курбуьахтар А5а дойду кемускэлигэр
P. 136
Курбуһахтар дойду көмускэлигэр
КЫАИЫЫ!
Колодезникова, А. С. Истээх Местниковтара : (А. В. Местникова ахтыытынан) /
КолодезниковаА.С, —Дьокуускай, 2009, —С. 67.
* * *
Аммосов, А. Истээх буойуттара / Анатолий Аммосов // Мүрү саһарҕата. — 2023. —
Бэс ыйын 23 к. — С. 6.
МЕСТНИКОВ ИЛЬЯ ГАВРИЛЬЕВИЧ
(1911-1942)
1911 сыллаахха I Курбуһах нэһилиэгэр Мэндиэрэ диэн сиргэ Гаврил
Александрович уонна Варвара Федоровна Местниковтар дьиэ кэргэннэри-
гэр төрөөбүт. Оскуолаҕа үөрэммэтэх, сэрии иннинэ Молотов аатынан хол-
куоска үлэлээбит. Местникова Аграфена Ефимовналыын холбоһон, кыыс
оҕоломмуттар.
1941 сыл атырдьах ыйын 15 күнүгэр Чурапчы оройуонун байыаннай
комиссариатынан ыҥырыллан уоттаах сэриигэ барбыт.
1942 сыл от ыйыгар Калининскай уобалас сиригэр хорсуннук сэриилэһэ
сылдьан өлбүт, көмүллүбүт сирэ биллибэт.
Төрөппүт кыыһа Местникова Зинаида Ильинична кэргэнинээн Мест
ников Дмитрий Ивановичтыын Уус Күөлүгэр олорбуттара. Хорсун буойун
ситэ олорботох олоҕун сиэннэрэ уонна хос сиэннэрэ салгыыллар.
Павлов, И. Архивы хасыһа сылдьан / Иван Павлов // Ленинскэй тэрийээччи,—
1990, — От ыйын 17 к.
МЕСТНИКОВ ИННОКЕНТИЙ МИХАЙЛОВИЧ
(1921-1993)
1921 сыллаахха I Курбуһах нэһилиэгэр Ньүөкү-
нүгэ Чычаас диэн сиргэ Матвей Васильевич уонна
Софья Егоровна Ушницкайдар дьиэ кэргэннэригэр
төрөөбүт. Бииргэ төрөөбүт тохсуолар: 4 кыыс, биэс
уол. Ушницкайдар Аҕа дойду сэриитигэр 4 уолла-
рын атаарбыттар: Иваны, Василийы, Иннокентийы
уонна Егору.
1943 сыл ыам ыйын 28 күнүгэр Дьокуускай куорат
байыаннай комиссариатынан ыҥырыллан аармыйаҕа
барбыт. Бойобуой Кыһыл Знамя уордьаннаах, 387-с
118

