Page 137 - Курбуьахтар А5а дойду кемускэлигэр
P. 137

Ким да уллнуллубат, туох. да умн.уллубат.1


                                                                                  КЫАЙЫЫ!
          зенитнай артиллерийский дивизияҕа сулууспалаабыт. Онно Манчжурияҕа
          баар 1,5 мөлүйүөннээх Квантунский японский самурайдары утары охсуспут.
              1945 сыл олунньу 22 күнүгэр дивизияттан «Туйгун артиллерист» бэ-
          лиэнэн, командованиеттан, ыстаап начальнигыттан хайҕал суруктарынан,
          1946 сыллаахха «Японияны кыайыы иһин» мэтээлинэн наҕараадаламмыт.
              Сэрии кэнниттэн Амурский уобаласка Николаевский куорат туһаайыы-
          тынан «Шахрай» суопкаҕа ВНОС диэн чааска сулууспалаабыт.
              Дойдутугар 1947 сыл от ыйын саҕана эргиллэн кэлбит.
              Иннокентий Михайлович Окоемовкаҕа олорон 1993 сыллаахха ыалдьан
          өлбүт. Элбэх оҕолоох, сиэннээх, хос сиэннэрдээх.

                Уус-Алданнар—Аҕа дойду көмүскэлигэр. — 1 чааһа,— Бороҕон, 2010, —С. 164.


                 МЕСТНИКОВ ИННОКЕНТИЙ ПАНТЕЛЕЙМОНОВИЧ
                                          (1915-1942)

              1915 сыллаахха I Курбуһах нэһилиэгэр төрөөбүт. Сүрдээҕин кыанар
          киһи эбит. 1937 сыллаахха Чараҥ ыһыаҕар атах оонньуутугар кыттыбыт
          уонна турникка гимнастический трюктары оҥорон көрдөрбүт.
              1941 сыл бэс ыйын 12 күнүгэр Саха театрыгар үлэлии сылдьан Дьокуус-
          кайдааҕы байыаннай комиссариатынан ыҥырыллан сэриигэ барбыт.
              1942 сыл сэтинньи ый 25 күнүгэр сэрии толоонугар охтубут. Көмүллүбүт
          сирэ Калининскай уобалас Сычевскай оройуонун Васильки дэриэбинэтэ.
                Уоттаах сэрии сылларыгар / Уус Алдан улууһун дьаһалтата. — Бороҕон, 1995. — С. 46.



                          МЕСТНИКОВ МАКАР МИХАЙЛОВИЧ

              I Курбуһах нэһилиэгэр төрөөбүт. 1942 сыллаах­
          ха Намҥа үлэлээбит. 1943 сыллаахха Нам оройуо­
          нун байыаннай комиссариатынан ыҥырыллан аар-
          мыйаҕа барбыт, илиҥҥи фроҥҥа сэриилэспит.
              Аҕа дойду сэриитин II истиэпэннээх уордьа-
          нынан, Кыайыы үбүлүөйүнэй мэтээллэринэн наҕа-
          раадаламмыт.
              Макар Михайлович Хаҥалас улууһугар Кыыл
          Бастаахха олохсуйбут, уһуннук тутууга үлэлээбит.

                Уус-Алданнар Аҕа дойду көмүскэлигэр. — 1 чааһа,— Бороҕон, 2010,— С. 164.
                                                                                    119
   132   133   134   135   136   137   138   139   140   141   142