Page 145 - Курбуьахтар А5а дойду кемускэлигэр
P. 145

Ким да умнуллубат, туох да умнуллубат!


                                                                                  КЫДИЫЫ!
                          ОКОЕМОВ АЛЕКСЕЙ НИКОЛАЕВИЧ
                                          (1900-1971)

              1903 сыллаахха I Курбуһах нэһилиэгэр Дулҕа
          Көлүйэ диэн сиргэ Николай Иванович уонна Усти­
          нья Ивановна Окоемовтар дьиэ кэргэннэригэр үһүс
          уол оҕонон төрөөбүт. Алексей Николай Николаевич
          Окоемов бииргэ төрөөбүт быраата.
              Нэһилиэккэ сэбиэскэй былааһы олохтооһун ак-
          тыыбынай кыттыылааҕа, сир түҥэтигин ыытыспыт.
          Холбоһуктааһыны тэрийсибит, бастакы холкуоска
          бэрэссэдээтэллээбит. I Курбуһахха 5 сыл Сэбиэт
          бэрэссэдээтэлинэн, 6 сыл ааҕар балаҕан сэбиэдис-
          сэйинэн, партийнай тэрилтэ сэкирэтээринэн үлэ-
          лээбит.
              1943  сыллаахха Бороҕон сельпотугар бэрэссэдээтэлинэн үлэлии олорон
          Чурапчы оройуонун байыаннай комиссариатынан ыҥырыллан аармыйа-
          ҕа барбыт. 1944 сыл күһүнүгэр доруобуйатынан сыыйыллан дойдутугар эр-
          гиллэн кэлбит.
              1945 сылтан Курбуһахха партийнай ячейканы чөлүгэр түһэрэн секре-
          тардаабыт. Уус Алдан оройуонугар Томторга уонна Дьокуускай куорат
          Мархатыгар 9 сыл кырдьаҕастар уонна инбэлииттэр дьиэлэригэр дириэк-
          тэрдээбит.
             Пенсияҕа тахсан баран Окойом Күөлүгэр олорон фермаҕа политичес-
          кай тэрийээччинэн үлэлээбит.
              1965 сыллаахха «Курбуһах нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо» аат иҥэ-
          риллибит.

                Окоемов, Н. Ытык сааһым ахтыылара / Николай Окоемов. — Дьокуускай, 2015.—
                С. 76.















                                                                                   127
   140   141   142   143   144   145   146   147   148   149   150