Page 208 - Курбуьахтар А5а дойду кемускэлигэр
P. 208

Курбуһахтар Аҕа дойду көмүскэлигэр




                              БУРНАШЕВ МИХАИЛ ГРИГОРЬЕВИЧ
                                               (1915-1944)
                  1915 сыллаахха I Курбуһах нэһилиэгэр төрөөбүт. 1943 сыллаахха сэрии-
               гэ ыҥырыллыбыт. 1944 сыллаахха өлбүт, көмүллүбүт сирэ биллибэт.


                                БУРНАШЕВ МИХАИЛ ЛАЗАРЕВИЧ

                  I Курбуһах нэһилиэгэр төрөөбүт, «Кыһыл хардыы» холкуос.


                              БУРНАШЕВ НИКОЛАЙ АЛЕКСЕЕВИЧ
                                               (1919-1964)

                                          1919 сыллаахха I Курбуһах нэһилиэгэр Алааска,
                                      Үрүйэ Төрдүгэр түөрт оҕолоох Бурнашев Алексей
                                      Иннокентьевич уонна Винокурова Анна дьиэ кэр-
                                      гэннэригэр төрөөбүт. Аҕалаах ийэтэ иккиэн хол-
                                      куостаахтар, үөрэхтэрэ суох. Ийэлэрэ эрдэ өлөн
                                      оҕолорун аҕалара көрөн улаатыннарбыт. Оҕолор ба­
                                      ры Уус Күөлүн оскуолатыгар үөрэммиттэр. 6-7 кы-
                                      лааһы бүтэрбиттэр, онон холкуоска сурук, суот өт-
                                      түгэр туһалаах дьон буолбуттар.
                                          Молотов аатынан холкуоска суотчутунан, бу-
                                      ҕаалтырынан үлэлии сылдьан сэриигэ ыҥырыл-
                                      лан барбыт. Илин Япония сэриитин кыттыылааҕа,
               1946 сыллаахха дойдутугар төннөн кэлбит.
                  1949 сыллаахха Күөттүккэ биэлсэринэн үлэлии кэлбит Готовцева Ели­
               завета Егоровнаны кэргэн ылбыт. Тандаҕа олохсуйан олорбуттар, икки уол
               оҕоломмуттар.

                    Окоемов, Н. Ытык сааһым ахтыылара / ОкоемовН. М.— Дьокуускай, 2015.— С. 101­
                    102.


                              БУРНАШЕВ НИКОЛАЙ СТЕПАНОВИЧ

                  I Курбуһах нэһилиэгэр төрөөбүт, «Кыһыл хардыы» холкуос.






               190
   203   204   205   206   207   208   209   210   211   212   213