Page 212 - Курбуьахтар А5а дойду кемускэлигэр
P. 212
Курбуһахтар Аҕа дойду көмүскэлигэр
ТРУЛИН ПЕТР МИХАЙЛОВИЧ
I Курбуһах нэһилиэгэр Ньүөкүнүгэ төрөөбүт. Сэриигэ ыҥырыллыар диэ
ри «Ньүөкүнү» холкуоска биригэдьиирдээбит, холкуос бырабылыанньатын
чилиэнэ эбит. Сэриигэ хантан ыҥырыллыбыта, хаһан өлбүтэ биллибэт.
Ховров, И.Р. Ньүөкүнүлэр, Моххолор түмсэн / И. Р.Ховров, Д. И.Пухов. — Дьокуус-
кай, 2005.— C 9.
УШНИЦКАЙ ВАСИЛИЙ МАТВЕЕВИЧ
(1910-1987)
1910 сыллаахха I Курбуһах нэһилиэгэр Ньүөкү-
нүгэ Матвей Васильевич уонна Софья Егоровна
Ушницкайдар дьиэ кэргэннэригэр төрөөбүт.
1933-1959 сыллардаахха Дьокуускайга, Мэҥэ
Хаҥалас, Булуҥ оройуоннарыгар Ис дьыала минис-
терствотын иһинэн хаайыылаахтары үлэнэн иитэр,
көннөрөр тэрилтэлэригэр үлэлээбит.
«Германияны кыайыы иһин», «Бойобуой үтүөлэ-
рин иһин» мэтээллэринэн, Кыһыл Сулус, Кыһыл
Знамя уордьаннарынан наҕараадаламмыт. Пенсия-
ҕа тахсан баран кэргэнин дойдутугар Иркутскай
уобаласка олорбут.
Ховров, И.Р. Ньүөкүнүлэр, Моххолор түмсэн / И. Р.Ховров, Д. И.Пухов. — Дьокуус-
кай, 2005.— C. 59-60.
ХОВРОВ НИКОЛАЙ ДМИТРИЕВИЧ
(1924-1944)
1924 сылаахха I Курбуһах нэһилиэгэр Моххоҕо төрөөбүт. Мүрү оскуо-
латыгар үөрэммит.
1942 сыл атырдьах ыйыгар Чурапчы оройуонун байыаннай комиссари-
атынан ыҥырыллан аармыйаҕа барбыт, 36 мотострелковай дивизия 24 мо-
тострелковай полк састаабыгар киирэн Мальта станциятыгар бэлэмнэнэр
байыаннай үөрэххэ тиийбит. Манна сылдьан тымныйан тыҥатыгар оҕус-
тарбыт. Госпитальга сытан өр кэмҥэ эмтэммит уонна 1944 сыллаахха демо-
билизацияланан кэлбит. Кэлэн ый эрэ буолаат ыалдьан өлбүт.
Уоттаах сэрии сылларыгар / Уус Алдан улууһун дьаһалтата.— Бороҕон, 1995.—
С. 43.
194

