Page 210 - Курбуьахтар А5а дойду кемускэлигэр
P. 210
Курбуһахтар Аҕа дойду көмүскэлигэр
Сүөһү боруодатын тупсарыыга нэһилиэккэ бастакынан ылсан үлэлээбит.
1942 сыллаахха сэриигэ ыҥырыллан барбыт, хаһан өлбүтэ, көмүллүбүт
сирэ биллибэт.
Үөскээбит түөлбэм ыллыктара : Кыһыл-Хардыы холкуос историята / [хомуйан
оҥордо Копырин В. М.].— Уус Күөлэ, 2000. — С. 32.
Колодезникова, А.С. Истээх Местниковтара : (А.В.Местникова ахтыытынан).—
Дьокуускай, 2009.— С. 49.
МАКСИМОВ ИЛЬЯ ДАНИЛОВИЧ
I Курбуһах нэһилиэгэр төрөөбүт, «Кыһыл хардыы» холкуос.
МЕСТНИКОВ АНТОН ХРИСТОФОРОВИЧ
(1901-1982)
I Курбуһах нэһилиэгэр төрөөбүт. Кыра сааһыт-
тан холкуос араас үлэтигэр үлэлээбит. Сэрии ин-
нинэ Ааллаах Үүҥҥэ таһаҕас таһыытыгар сылдьы-
быт.
1943 сыллаахха Намҥа сүөһүлэрин көһөрөн кыс-
таан олордохторуна Нам оройуонун байыаннай ко-
миссариатынан ыҥырыллан аармыйаҕа барбыт, Бу-
рятияҕа сулууспалаабыт. Байыаннай бирикээһинэн
мас кэрдиитигэр үлэлээбит. Ол маһынан вагон оҥо-
роллоро үһү. Бэрэбинэ эккирэтэн, атаҕын оһоллоон,
госпитальга эмтэнэн баран 1946 сыллаахха дойду-
тугар эргиллибит.
Сэрииттэн кэлээт Молотов аатынан холкуоска хотон тас үлэһитинэн,
бостуугунан үлэлээбит. Кэргэнинээн Бурцева Татьяна Семеновналыын,
оҕолорунаан Дьаарыҥҥа олорбуттар, үлэлээбиттэр.
1956 сыллаахха Антон Христофорович дьиэ кэргэнинээн Сыырдаахха
көһөн кэлэн онно олохсуйбуттар. Холкуоска, сопхуоска араас үлэҕэ үлэлээ-
бит, кэлин «Хаҥа» бааһынай хаһаайыстыбатыгар үлэлээбит.
Пухова-Захарова, М.П. Илин Дьаарын олохтоохторо / М.П.Пухова-Захарова.—
Дьокуускай, 2008. — С. 33.
192

