Page 214 - Курбуьахтар А5а дойду кемускэлигэр
P. 214

Курбуһахтар ;/Ца дойду көмускэлигэр

           КЫАИЫЫ!
                    Аммосов, И. И. Курбуһах нэһилиэгин историятыттан : (Быстах түгэннэр) / И. И. Ам­
                    мосов,— Дьокуускай : Үөрэх мин-вотын Бастакы анал үөрэх департаменын изд-
                    та, 2002.-172 с.


                         АММОСОВ ИННОКЕНТИЙ СПИРИДОНОВИЧ
                                               (1903-1947)

                  1903 сыллаахха II Курбуһах нэһилиэгэр төрөөбүт. «Толоон Эбэ» хол-
               куос төһүү үлэһитэ, барыга бары сүрдээх дьоҕурдаах эбит. Таатта Баайаҕа-
               тыттан Софьяны ылан ыал буолан, кыыстанан олорбуттар. Ийэлэрэ эрдэ
               өлөн убайын Семен Спиридоновичтыын эҥэрдэһэн олорбуттар. Кыыс саа-
               һын ситэн иһэн ыалдьан өлбүт.
                  Иннокентий үлэ фронугар Иркутскай уобаласка Заярскайга мае соҕо-
               туопкатыгар сылдьыбыт. Этэҥҥэ эргиллэн кэлбит. 1947 сыллаахха тым-
               ныйан ыалдьан өлбүт.

                    Уус-алданнар—Аҕа дойду көмүскэлигэр. — I түһүмэх,— Бороҕон, 2010, —С. 138.


                           АММОСОВ КОНСТАНТИН ГАВРИЛЬЕВИЧ
                                               (1919-1984)

                                          1919 сыллаахха II Курбуһах нэһилиэгэр Толоон
                                       Эбэҕэ төрөөбүт. Аҕа дойду сэриитин сылларыгар
                                       Иркутскайга балыкка, дойдутугар кэлэн эмиэ өрүс-
                                       кэ балыкка үлэлээбит.
                                          «Толоон Эбэ» холкуоска, «Лена», «Сардаҥа» соп-
                                       хуостарга хонуу үлэтигэр, сылгыһытынан 40-тан
                                       тахса сыл үлэлээбит. Сылгыһыттаабыт сылларыгар
                                       сылгыттан ылыллар бородууксуйа былааннарын
                                       чиэстээхтик толорон кэлбитэ.
                                          1956 сыллаахха Чурапчы улууһуттан төрүттээх
                                       Собакина Евдокия Николаевналыын ыал буолбут-
               тара, 5 оҕолоохтор, элбэх сиэннээхтэр, хос сиэннээхтэр.

                    Тыылга Кыайыыны уһансыбыт курбуһахтар / «Курбуһах нэһилиэгэ» муницип.
                    тэриллии дьаһалтата; Н. С. Пестряков аатынан Уус Күөлүнээҕи модель, б-ка,—
                    Дьокуускай, 2020,— С. 170-171.




               196
   209   210   211   212   213   214   215   216   217   218   219