Page 216 - Курбуьахтар А5а дойду кемускэлигэр
P. 216
^рбуһахтар дойду көллцскэлагэр
КЫАЙЫЫ!
АММОСОВ СЕМЕН ПРОКОПЬЕВИЧ
(1904-1968)
1904 сыллаахха II Курбуһах нэһилиэгэр Күр-
дьэхтээх алааска төрөөбүт.
Сэрии иннинэ «Толоон Эбэ» холкуоска араас
хаһаайыстыбаннай үлэлэргэ, малатыылкаҕа сиэмэ
ыраастааһыныгар үлэлээбит, мае, тимир ууһа.
1942 сыллаахха Булуҥ оройуонугар балыктаа-
һыҥҥа сылдьыбыт. Үлэ фронуттан кэлэн тутуу-
га, сиэмэни астааһыҥҥа үлэлээбит. «Толоон Эбэ»
холкуос ударнига, миэлиҥсэни тутууга үлэлэспит.
«1941-1945 сс. Аҕа дойду Улуу сэриитигэр кил-
биэннээх үлэтин иһин» мэтээлинэн наҕараада-
ламмыт.
Тандаттан төрүттээх Готовцева Евдокия Софроновналыын ыал буолан
элбэх оҕоломмуттар. Үлэ, тыыл бэтэрээнин олоҕун сиэннэрэ, хос сиэннэрэ
салгыыллар.
Тыылга Кыайыыны уһансыбыт курбуһахтар / «Курбуһах нэһилиэгэ» муницип.
тэриллии дьаһалтата; Н. С. Пестряков аатынан Уус Күөлүнээҕи модель, б-ка.-
Дьокуускай, 2020.-С. 173.
АММОСОВ ТИМОФЕЙ ГАВРИЛЬЕВИЧ
(1917-2004)
1917 сыл от ыйын 12 күнүгэр II Курбуһах нэһи-
лиэгэр Эгдээйи куула өтөҕөр төрөөбүт. Курбуһах
сэттэ кылаастаах оскуолатын үчүгэйдик үөрэнэн
бүтэрбит.
«Толоон Эбэ» холкуоска кэлбит государственнай
былааны толорууга Охотскай Перевозка уонна Аал-
лаах Үүн промышленноһын үлэһиттэригэр таһаҕа-
һы таһыыга кыһыннары-сайыннары 4 сыл субуруч-
чу үлэлээбитэ. 1942 сыллаахха атырдьах ыйыттан
Лена өрүс төбөтүгэр маһы соҕотуопкалыыр лес-
промхозка биир сыл үтүө суобастаахтык үлэлээбит.
Холкуос араас үлэтигэр, таһаҕас таһыытыгар, субай сүөһү көрүүтүгэр,
сылгыһытынан, бостуугунан үлэлээбитэ.
198

