Page 79 - Агабыт туьунан иьирэх тылынан
P. 79

Ленаҕа
            Бэрдин да: ылаара сандааран      Бэрдин да: хочоҕор косилка
            Күөгэйэр бу күнүм ырааһа,        Күөх окко курулуу тыаһыыра,
            Саҕахха диэритин тэнийэр         Сөрүүн, сай тыалгыттан бааһына
            Урсунуҥ күөх унаара.             Суугунуу, бааллыра турара.
            Бэрдин да:күлүмтэн күндээрэн     Айылҕа килбиэннээх кэрэтэ,
            Киэҥ үөһүҥ дьиримнии оонньуура,  Дьон-норуот күүрээннээх үлэтэ
            Күлүмнүүр үөскүнэн кылбааран     Баар эбээт эйиэхэ киэҥ Лена,
            Борокуот күллүргээн ааһара.      Бу иһин эйигин таптыыбын.






                           Алҕаһы оҥорбот киһи диэн
                           Күн сирин үрдүгэр үөскээбэт,
                           Барыга дьиҥ гений киһи диэн
                           Хайа да ийэттэн төрөөбөт.
                           Кыраттан хомойон киэр тэйэр
                           Ол чычаас, ол татым киһийдээн.
                           Доҕоруом, мин баҕам хата дьэ:
                           Алҕаспын эн ыйар буолларгын,
                           Иккиһин сыыһаны оҥорбот
                           Буоларбар үөрэтэр буоларгар.
                           Кэргэҥҥэ «кылааккай» киһи диэн
                           Хайа да ийэттэн төрөөбөт.

                           Өй, майгы үтүөкэн сиэригэр
                           Көҕүтэр тыллары этэр буол.
                           Өрүүтүн өй үтүө сиэригэр
                           Көҕүтэр тыллары этэр буол.
                           Өй-санаа тус хоту киһи диэн
                           Үрүҥ күн анныгар үөскээбэт -
                           Сыыһаны оҥорбот киһи диэн
                           Ханнык да ийэттэн төрөөбөт.
                           Хардары сүбэни оҥорсор,
                           Сыыһаны ыйсыһар, өйдөһөр
                           Кэргэттэр - ол эрэ дьоллоохтор,
                           Ол эрэ олоххо бөҕөлөр.












                                           77
   74   75   76   77   78   79   80   81   82   83   84