Page 83 - Агабыт туьунан иьирэх тылынан
P. 83
> <
Омоҕой баай туһунан
Былыыр-былыр бэрээт омук сиригэр Омоҕой диэн киһи
олорбута үһү. Кини элбэх ынах, сылгы сүөһүлээх эбит. Баай киһи
эбитэ үһү. Байыытын төрдө диэн элбэх отчут-масчыт дьонноох
буолан байбыт, итиэннэ онно олохтоох муҥхааллар сүөһүлэрин
уорар идэлээх эбит. Ол уоран, сиир даҕаны, сүөһү да гынар эбит.
Биирдэ күһүҥҥү хараҥа саҕана кини сүөһүтүн муҥхааллар
эмиэ уоран илдьэн сороҕун сиэбиттэр. Ону иэстэһэн Омоҕой
дьоно кэнники эмиэ түүн муҥхаалларга саба түспүттэр, кыайан
куоппатах дьоннорун, сүөһүлэрин өлөртөөбүттэр, сүөһүлэрин
үүрэн иппиттэр.
Онтон муҥхааллар мунньустан, Омоҕойдооҕу кыргаары
киксибиттэр. Ону Омоҕой истэн күрүүр. Аал оҥостон өрүһү таҥ-
нары устан өрүс үөһээ өттүгэр ханна эрэ бүгэн олорбута үһү.
Кини бэйэтин сахабын дэнэр эбит. Кини дьоно сахалар хойут
манна көһөн кээлтэрэ үһү. Анараа олорор сирдэрэ суох буолан.
Омоҕой ойоҕо Сара ууһун дьахтара эбитэ үһү. Онон Сара
диэн ааттааҕа. Хара ууһуттан тимир уустааҕа үһү.
Хаарахааннар
Былыр биһигини, сахалары, уйгуурдар дииллэр эбит. Саха
дэммэппит эбитэ үһү. Саха диэн хойут ааттаммыппыт. Биһиги
тоҕус уйгуур кыыһыттан үөскээбиппит эбиппит. Бу уйгуурдар
бырааттара туспа биистэрэ хаарахааннар диэннэр бааллара
үһү. Уйгуурдар үксэ сылгы сүөһүлээхтэрэ. Хаарахааннар сылгы,
ынах сүөһүлээхтэр эбит. Ынах сүөһүлэрэ үксэ хара эбитэ үһү.
Бу уйгуурдар биир биистэрэ хаарахааннар диэннэр баалла-
ра үһү. Кинилэр ынах да, сылгы да сүөһүлээхтэрэ. Ынах сүө-
һүлэрэ үксэ хара дьүһүннээх эбит.
Уйгуурдар да хаарахааннар да иккиэн уруулуу биистэр
уустара эбиттэр. Уйгуурдар үөһээ, хаарахааннар аллараа үс орто
дойдуга олорбуттар. Онон бу дойду үс төгүл түһүүлээҕэ үһү. Үһүс
түһүүгэ аллара Хоту үһүс хаарахааннарга тиийэллэр эбит.
81

