Page 84 - Агабыт туьунан иьирэх тылынан
P. 84
Уйгуурдар сорохторо үөһэттэн хаарахааннарга түспүттэрэ
үһү. Кинилэр тыллара биир эбит. Бу үс хаарахаан баай күөл
таһыгар олорбуттар. Бу үс хаарахаан сиригэр соҕурууттан 300
көстөөх ыраахтан түүр омук киһитэ Омоҕой диэн киһи элбэх
киһилээх-сүөһүлээх, сылгылаах кэлэн Баатылы ууһугар Эҥсэли
далай таһыгар олохсуйбута үһү.
Кини дьоно бу хаарахааннары кытта эр-ойох буолан бук-
куспуттар. Омоҕой бэйэтин сахабын дэнэрэ үһү. Ол саха диэн
түүр омук баар бииһин ууһа эбит. Түүр омук хас да биис уустааҕа
үһү. Омоҕой ол курдук олордоҕуна аны соҕурууттан татаардар
диэн дьон Эллэй диэн баһылыктаах кэлбиттэр. Кинилэр аҕыйах
дьон эбиттэрэ үһү. Бу Эллэйдээх эмиэ Омоҕойу кытта буккуспут-
тар. Эллэйдээх тыллара бастааҥҥыта атын эбит, онтон кэнники
Омоҕой тылынан түүрдүү саҥарар буолтара үһү. Эллэй Омоҕойу
кытта буккуһан ыамата-ыччата ордук күүскэ тэнийэн барбыт.
Бу хаарахааннар балаҕаны, хотону, күрүөнү, хаһааны ту-
тары, оту оттууру, бугуллууру, кэбиһэри уонна бултууру-кыыл-
лыыры сатыыр, билэр дьон эбиттэрэ үһү.
Ону тэҥэ эстэриги, хататы айан уоту ылбыт, ынах сүөһүнү
аллараа дойдуга бастаан ииппит кинилэр эбиттэрэ үһү. Ол иһин
балаҕан, хотон, сүөһү, уот иччитэ кинилэр буолтара үһү. Эр дьо-
нун бараан баатыр, дьахтарын ньаадаҕай бараан хотун диэн
сүөһүгэ. Уокка дьиэҕэ-хотоҥҥо иччи оҥостоллоро. Ону кытта
хара ойууннардаах, удаҕаннардаах, абааһылаах-алыптаах дьон
эбиттэр. Онон кинилэри абааһынан ааҕаллара үһү. Кинилэр
биир алларааҥҥы биистэрэ наар маҥан сылгылааҕа үһү.
Омоҕой бастаан кэлиитигэр наар сылгы сүөһүлээҕэ үһү.
Ынах сүөһүтэ суох эбит. Кини Баатылы ууһуттан сүөһүлэммитэ
үһү.
Бу хаарахааннар (барааннар) төгүрүк сыллара уон ыйдаах
эбит. Бастакы ыйтан сайыҥҥы кэмнэрэ ааҕыллар. Олунньу-
га муус-хаар ууллан устан баранара үһү. Ол иһин ууллан устар
будулҕаннаах олунньу дииллэрэ дэнэрэ үһү. Ыйдарын аатта-
ра манныктар эбит: бииринньи, иккинньи, үһүнньү, төдүнньү,
бэһинньи, алтынньы, сэтинньи, ахсынньы, тохсунньу, олунньу
диэн. Кулун тутар, муус устар диэн ити хойут эбиллибит. Дыгын
да саҕана ыйдарбыт эмиэ үксүн итинник бииринньи, иккинньи,
үһүнньү, төрдүнньү, бэһинньи, алтынньы, сэтинньи, ахсынньы,
тохсунньу, олунньу дэнэрэ үһү. Кулун тутар, муус устар диэн ол
Дыгын саҕана дуу иннинэ эрэ дуу эбиллибит быһыылаах.
Бу хаарахааннар кэлиҥи хас да биис ууһунан олорбуттар.
Сара, хара, бараан эҥин диэн уонна да атыттар. Ити бараан диэн
82

