Page 82 - Агабыт туьунан иьирэх тылынан
P. 82

Салҕан тэйэн хаалбакка
               Салҕан тэйэн хаалбакка,          Ылҕаан ылбыт тылларбын
               Саллан-толлон сыппакка           Ыпсарарга ыксыыбын,
               Хоһоон тылын наардыыбын,         Таптаан айар ырыабын
               Хомоҕойун ылгыыбын.              Табылларын алҕыыбын.

               Сүрэх оннук наар ирдиир,         Дьарык бэрдэ үтүөрдэр,
               Сүрбүн куппун эрчимниир.         Дьаҥы, муҥу киэр илгэр.
               Күүс-уох көбөн күннүүбүн,        Салгыам суоҕа ол онтон
               Күҥҥэ тиийэ үрдүүбүн.            Сайан эмтиир хоһоонтон.

               Олус онтон үөрэбин,              Сахам тыла иччилээх,
               Ойуу тылын ирдиибин.             Сатаан эмтиир иэйиилээх.
               Оннук өрүү тииһэбин,             Дэлэй кыахтаах улуу тыл,
               Оннук күн-түүн иэйэбин.          Дэҥ баар ини маннык тыл.
                                                                     2001 сыл



                               Хоһооҥҥо эргийдим
                 Хоһооҥҥо эргийдим,               Таҥара анаабыт
                 Холонон эристим,                 Талаана да аччыыр,
                 Хоһоонтон тэйбитим               Саҥарар саҥабыт
                 Отут сыл ааста дии.              Сатала да намтыыр,
                 Бэчээккэ быктарбыт               Күнтэн да сүтэрбит
                 Бэлиэлээх этим дии,              Күннэтэ чугаһыыр.
                 Быйыл дьэ билгэлээн
                 Быгыалаан көрүүм дуу?            Дьэ онон арыычча
                                                  Дьэбилим саҕана
                 Сүрэххэ түстэр даа               Дьиэтээҕи санаабын
                 Сүүмэрдиир тылларым,             Дьиэбиттэн таһаарыым,
                 Көдьүүстээх буоллар даа          Талбыт сүүс тылларбын
                 Көтүтэр дорҕоонум,               Таһырдьа ыыталыым,
                 Сөпсөстөр ханнык даа             Саҥарбыт саҥабын
                 Сөбүлээн туойарым,               Салгыҥҥа кый ыһыым.
                 Сыыһа, сөп дэниэҕин
                 Сылыктыы барбаппын.              Дьоҕурбун, дьэ онон,
                                                  Дьоҕойон көрдөрүүм,
                 Санаабын ол эрэн                 Хоһооҥҥо хайдахпын
                 Саҥаран аһарыым,                 Холонон арыйыым,
                 Кырдьарбыт кыайарын              Кыайарбын, кыайбаппын,
                 Кылгастык сэһэргиим:             Кыахтарбын ыйытыым.
                 Киил эттээх таһаарбыт                               2001 сыл
                 Киппэтэ чарааһыыр,






                                           80
   77   78   79   80   81   82   83   84   85   86   87