Page 181 - Майаҕатта Бэрт Хара
P. 181

'«гяШ':ЗЦ;

















                                      ШГ        'ЙШ&                                  Юг ■“ .а
                                                         Ш               ■            Евш»  1
                                                                                      Я г а
                                                                              Н
                                  Щ        щ       6 Д ц I   I                   щ    |     1
                                  Иг  [ 'Шя Ц    г  ' 1Ш    ■  !   1Ж11          ш ■      д— |П




                    (Иохельсон ыһыаҕа экракка көстөр. Лөгөы Тогюн бороҕоттору кытары киирэр.
                 Көрсүһүү сиэрэ-туома. Ыһыах аһыллар. Ыалдьыттар бары сыана тула төгүрүйэллэр.
                            Алгысчыт книрэн күнү уруйдуур алгыһы этэригэр буруолатар)

                         Алгысчыт
                                             Аҕыс иилээх-саҕалаах
                                             Аан ийэ дойду
                                             Кэскиллээх киэҥ киэлитигэр
                                             Айыллан үөскээбит
                                             Арҕаһыттан тэһииннээх
                                             Айыы Хаан аймаҕа,
                                             Көхсүттэн тэһииннээх
                                             Күн өркөн дьонноро,
                                             Урааҥхай саха удьуордара
                                             Самаан сайын салаллыыта
                                             Түптэ буруотун унаарытан
                                             Ыһыахтаан эрэбит!
                                             Кытыт биэттэн кымыстаатыбыт,
                                             Саалыыр биэттэн саамаллаатыбыт,
                                             Симэхтээх дьэрэкээннээх
                                             Сир иһиттэри сэриэдиттибит,
                                             Төлкөлөөх түһүлгэни туруоран,
                                             Айах тутар күммүт үүннэ диэн,
                                             Албан ааккытыгар, суон сураххытыгар
                                             Сүгүрүйэн тураммыт
                                             Аал уотунан айахтаан
                                             Аһатан эрэбит,
                                             Күөх уотунан күөмэйдээн
                                             Күндүлээн эрэбит!

                                         (Атаҕар туран илин диэки хайыһар)

                         Алгысчыт             Тохсус халлаан
                                              Хаттыгаһыгар олохтоох
                                              Салгын куту салайар,
                                              Ийэ куту иҥэрэр,
                                              Дьоллоох олоҕу тускулуур.
   176   177   178   179   180   181   182   183   184   185   186