Page 35 - Василий Сивцев. Производство хамандыырдара
P. 35

Илииһэлээх Буөтур сайылыкка оҕолорун, сиэннэрин кытары.
        Үлэни  өрө  туппут  дьиэ-кэргэн  төрөппүт  оҕолоро  бары  кыра  саа-
     старыттан совхоз производствотыгар үлэлииллэрэ.  Сайын ахсын кэрэ
     айылҕалаах  Нэлэгэр  сайылыгар  төрөппүттэрин  кытары  кэлэн  сайы-
     лыыллара,  дьонноругар  ынах  ыаһаллара,  ньирэй  көрөллөрө,  окко
     көмөлөһөллөрө.  Ол  үтүө  үгэс  билигин  да  салҕанар.  Сайын  ахсын
     Бүөтүр,  Сиинэ, оҕолор, сиэннэр бука бары ахтылҕаннаах сайылыкта-
     рыгар тахсан сайылыыллар.
        Былыр  былыргыттан  баччаҕа  диэри  суруллубатах  олох  сокуона
     буолаахтаатаҕа,  аҕа  киһи  булар-талар,  дьиэни  араҥаччылааччы диэн.
     Оҕолор  кыра эрдэхтэринэ  кинилэри  иитээри  аһы-үөлү,  таҥаһы-сабы
     булааччы  аҕалара  Петр  Иннокентьевич  буоллаҕа.  Онтон  дьэ,  оҕолор
     улаатан,  туһа дьоно  буолан  Местниковтар  дьиэ-кэргэттэрин  үлэлэрэ
     биллэн-көстөн, олохторо күөстүү оргуйан тупсан барбыта. Сыл хонук-
     туу кэм кэрдии ааһан, олох сайдан, оҕолор туспа ыал буолан, оҕо-уруу
     төрөтөн, дьиэ-уот тэриммиттэриттэн төрөппүттэрэ кырдьар саастары-
     гар үөрүүлэрэ муҥура суох. Сүүрбэ икки сиэн, сэттэ хос сиэн тапталлаах
     эбэлэрэ, эһэлэрэ бүгүн даҕаны дьиэ ис-тас үлэтигэр улахан көмө дьон.
     Кинилэр уһун дьоллоох,  баай ис хоһоонноох олоҕу олорон,  оҕо-уруу
     төрөтөн, кинилэр тустара диэн үлэлээн-хамсаан, бар дьоҥҥо ытыкта-
     тан, олох аһыытын-ньулуунун, үөрүүтүн-көтүүтүн сарын-сарыннарыт-
     тан, сүүс-сүүстэриттэн өйөнсөн эдэрдэргэ холобур буолар олоҕу олорон
     кэллилэр. Ааспыт ыарахан  күннэргэ-дьылларга күүстэрэ кыайарынан
     үлэлээбиттэрэ, бэйэлэрин билиилэринэн-көрүүлэринэн, биирөйүнэн-
     санаанан  салайтаран,  олоххо  үөскүүр  ыарахаттары  даҕаны,  дьоллоох
     түгэннэри, хомолтолору тэҥҥэ үллэстэн кэллилэр.
        2007 сыл сэтинньи 27 күнэ П.И. Местниковкаумнуллубатүтүөтүгэни
                                                                   33
   30   31   32   33   34   35   36   37   38   39   40