Page 24 - Кыайыы ыһыаҕа Хос үрэххэ
P. 24
„|г.................4' ♦ ♦ I I» ЧК 4Г -I- -4һ 4- Чһ---... ■»* .. >». ■■ <»----------------*4К---------—<*■-- -*«.---4К—-♦---■*-----*---------4Ь---*•-------------**—-**----------------------—-4»----*---- ----«♦*-------«*----
у ^ л л л ^ л л л л л л л ^ л л л л л л л л л л ^ л л л л л ^ й ^
Г и и и и и и и и и и и и и и и и и и и и и и и и и и и и и и и и и и и и и и и и и и и и и и и и и и и и и и и и и и и и и и и и и и и и и и *
11111111111111111111111111111111111111111111.111111111111111111111111111
1_________д.и^илтцшши11||11||ци . ч « ....... ................ , , ц П т ч г и и п г п тт-|-|-»-п-п-тг ■ I и"|гттч ..гтттттт .п ..... .1 и п ч.......... ............. -..- ............................. ...... ------------- --- —
Ыһыах ат сүүрдүүтүнэн түмүктэммитэ. Мин өйдүүрүм итинник.
Ыһыахтан тахсан баран сиилэс укпуппут, онтон салгыы окко киирбиппит. Ити сайын олус өрө көтөҕүллэн ырыанан сылдьан
үлэлээбиппит. Сэрииттэн төннөр саллааттары кэтэһэрбит. Бастаан үлэ фронугар барбыттар кэлитэлээн испиттэрэ. Сэрииттэн
бэрт аҕыйах киһи кэлбитэ. Маассабай кэлии 1946 сыл сааскытыттан саҕаламмыта. Сураҕа суох сүппүт оҕолоохтор кэтэһэ сатаан
баран ытаһаллар этэ. Ону көрөр олус ыар, хараастыылаах буолара. Мин убайым Мэхээлэ сэриини Берлиҥҥэ түмүктээн баран, 1947
сыллаахха кэлбитэ. Кини Берлиннээҕи бастакы кыайыы парадын кыттыылааҕа этэ. Сэрии кэнниттэн икки сыл Советскай Армия
экспедиционнай сэриилэригэр сулууспалаабыт.
Мин бу суруйа олорон, быйылгы Кыайыы 60 сыллаах үбүлүөйүн тыыл ветераннарыгар туспа оҥорор туһунан улуус Сүбэтэ
дьаһал таһааран тэрийэрэ буоллар махталлаах дьыала буолуо этэ дии санаатым.
Копырин Василий Михайлович (1930 2018) тыыл, үлэ бэтэрээнэ,
кыраайы үөрэтээччи, Курбуһах нэһилиэгэ. “Мүрү саһарҕата ” Тохсунньу 22 күнэ, 2005 с.
АХТЫЫЛАР
Өрөгөйдөөх ыһыах буолбута
Кыайыы буолан эрэрэ эрдэттэн биллибитэ. Ыам ыйын 9 күнүгэр сарсыарда оскуолабар бараары чэйдии олордохпуна истиэнэҕэ
ыйанан турар тэриэлкэ курдук радиобытыгар Левитан чуор, истэ үөрэммит куоласпытынан хайдах эрэ ордук өрө көтөҕүүлээхтик:
Немецкай армия кыаттарбытын туһунан актаҕа илии баттаспыттарын иһитиннэрдэ. Мин ойон турдум да оскуолаҕа сүүрдүм. Оҕо
бөҕө кэлбит, учууталлар бары муста охсубуттар, үөрүү-көтүү, үөһээ-аллараа сырсыы, оҕолор “Ураа” бөҕө, сорохтор куустуһуу,
сыллаһыы. Тута заалга строй буолла, үөрэх буолбат диэн буолла. Стройунан арҕаа Райсовет (АИК) дьиэтигэр бардыбыт. Онно
тэрилтэлэр бары кэлбиттэр, дьиэ иннигэр таһырдьа бары стройдаан турдубут. Райсовет председателэ кылгастык тыл эттэ, эҕэрдэлээтэ.
Онтон утуу-субуу тыл эттилэр. Иван Никонович Петухов тыл этэ турдаҕына арҕааттан алдьархайдаах улахан холорук (тыал) сыыһы-
буору өрүкүтэн дьону барытын ытыйан баран уулусса устун илин диэки бара турбута. Ону дьон сибигинэһэн “ити өлбүт дьоммут
кэлэн бардылар” - диэбиттэрэ. Дьэ ол кэнниттэн өлөөн күүлэй буолбута. Пищекомбинат диэн баара, ол брага диэн самогон аҕалан
остолобуой таһыгар туруоран куопсугунан баһан атыы бөҕө буолла, ким бидонунан, ким биэдэрэнэн ылаллар. Атын ас соччо баара
биллибэт. Онон ол түүн күннээтэхтэрэ буолуо. Ол быыһыгар ким өлбүттээх ытыыр, ким биллибэттээх кэлэригэр эрэнэр кэпсэтиитэ.
л._ -*--♦-- Лк- III ♦ .1. ♦ ...
ЛЛЛЛЛЛЛЛЛЛЛЛ*ЛЛЛЛЛЛЛЛЛЛЛЛЛЛЛЛЛЛЛЛЛЛЛЛЛЛЛЛЛЛЛЛЛЛЛЛЛЛЛЛЛЛЛЛЛЛЛЛЛЛЛЛЛЛЛ7
) и и и и и и и и и и и и и и и и и и и и и и и и и и и и и и и и и и и и и и и и и и и и и и и и и и и и и и и и и и и и и и и и и и и
111111111111111111111111111111111111111111111111111111111111.1111

