Page 27 - Кыайыы ыһыаҕа Хос үрэххэ
P. 27
л > о и и и и и и и и и и и и и и и и и и и и и и и и и и и и о и и и и и и и и и и и и и и и и и и и и и и и и и и и о и о О О о О О О о о и о
Ыһыахха тиийэн баран саамай сөхпүтүм дьахталлар ырбаахылара этэ. Мин биир сиргэ туран эрэн эргийэ сылдьан наар
ырбаахылары көрөбүн. Дьон сирэйдэрин олох да көрбөппүн. Ыһыахтара диэҥҥэ туох көр-нар буолтун өйдөөбөппүн. Ол турдахпына
аргыстарым кэлэн сиэтэн атын сиргэ илдьэллэр. Онно эмиэ араас үчүгэй ырбаахылар. Хараҕым иирэр. Хайдах сөҕүөхпүн билбэппин,
хайдах үөрүөхпүн билбэппин. Сүрэҕим эппэҥнииргэ дылы. Киэһэ дьиэбитигэр төннөн иһэбит. Киирэн эрэр күҥҥэ иннибэр ыраахха
диэри араас ырбаахылар долгуҥнаһа көстөллөр. Мин муҥура суох дьоллоох курдук сананабын.
Киирэн эрэр күн үчүгэйин. Биһиги алааспыт киэҥин ол ырбаахыларынан сиэттэрэн өйдөөн көрбүтүм. Тугу эмит
дьиибэргии иһиттэхпинэ, сонургуу көрдөхпүнэ наар ону саныы, харахпар көрө саҥата суох сылдьааччыбын. Бу да сырыыга
ол ырбаахыларбын көрө хас да күн саҥата суох сырыттым. Оччолорго дьонум миигин, бу кыыс саҥата суох дииллэрэ. Ол эрээри
оҕолорго киирдэхпинэ саамай ону маны кэпсээччилэрэ мин буоларым. Дьэ, били ыһыахха сылдьыбатах оҕолорго ол ырбаахылар
тустарынан, хайдах дьүһүннээхтэрин, хайдах ойуулаахтарын төһө өйүм тиийэринэн кэпсии сатыырым. Ыһыахтан маппыт
эрэйдээхтэр ону олус сэҥээрэн истэллэрэ. Билигин даҕаны 1945 сыллаах Кыайыы ыһыаҕа диэтэхтэринэ харахпар киирэн эрэр күн,
иннибэр ыраахха диэри араастаан долгуҥнаһар ырбаахылар көстөллөр. Көр, оннук дьикти ырбаахылар этилэр.
Бурцева Мария Петровна (1932-2019) - тыыл, үлэ бэтэрээнэ,
Бэрт-Ууһун нэһилиэгэ.
Мин ол ыһыахха Чирэпчиттэн аҕабынан эбэм Ульяна Прокопьевна Бурцеваны
сайыһан тэлиэгэ атынан киирсибитим. Оттон ийэм Евдокия Ивановна Бурцева аҕата - мин
эһэм Иван Иванович Говоров (Уйбаанабыс оҕонньор) оччолорго II Бэрт-Ууһугар Күөл Эбэҕэ
олороро. Ыһыах буолуон биир-икки хонук иннинэ эһэбин Уйбаанабыс оҕонньору улуус тойоно
(райком секретара) Петр Васильевич Данилов киһи ыытан Бороҕоҥҥо ыҥыттаран ылбыт.
Киниэхэ анаан сахалыы таҥас-сап бэлэмнэппит, дэйбиир оҥотторбут. Ол кэннэ аал уоту аһатан,
алгыстаах тылы этэн урааҥхайдыы уруйдаан, сахалыы айхаллаан Улуу Кыайыы ыһыаҕын
аһарыгар көрдөспүт эбит.
Ыһыах аһыллыытыгар дьогдьуурдаах уһун хара сукуна сонун үрүҥ көмүс курунан ыга
тардынан, чараас дьабака бэргэһэтин өрө туппутунан мин эһэм Уйбаанабыс оҕонньор
түөлбэ ортотугар киирэн кэлбитэ. Кини үрдүк уҥуохтаах, сырдык хааннаах, бураллаҥнас
будьурхай баттахтаах киһи этэ. Эһэбин икки өртүттэн сахалыы халадаай ырбаахылаах,
,и£ч_4к. -^к_^к. 4К. --Ивк_
Н и и и и и и и и и и и и и и и и и и и и и и и и и и и и и и и и и и и и и и и и и и и и и и и и и и и и и и и и и и и и и и , и и и и и
1 ^

