Page 15 - Сэрии кэмин оҕолоро 2 кинигэ
P. 15

МҮРҮ нэһилиэгэ

          Сайыны  быһа  окко  сыдцьан  бугул  оҥорон,  от  мунньан,  кыбыыга  кэбиһэн  үлэлииргэ
          үөрэммиппит.
             1942 сыллаахха кыһынын оскуолабытыгар үөрэнэ барбыппыт. Интэринээккэ миэстэ
          суох буолан  ыалларга олорооччубут.  Ол  кэннэ  1943  сыллаахха мин 6  кылааска үөрэнэ
          барбатаҕым,  молотилкаҕа  үлэлээбитим.  2  атынан  кыһыны  быһа  ыалларга,  фермалар-
          га  мас  тиэйэн  таһарым,  сороҕор  от да  тиэйтэрэллэрэ.  Сааһын  бааһыиаларга  балбаах
          таһан тибии типтэрэр этим. Ардыгар былах быстаралтара, кырбаан сүөһүгэ сиэтэлтэрэ.
           Биһиги,  оҕолор,  күргүөмүнэн  сылдьар буолан,  олус  ытаабат-соҥообот этибит,  үлэби-
          тин барытын  ыарырҕаппакка үлэлиирбит.  Ол гынан  баран  аччык этибит,  сорох арды-
          гар сэниэтэ да суох буолан хааларбыт. Сайынын этэрбэһэ суох атах сыгынньах сылдьар
          этибит.  Күһүөрү  тымныы  түстэҕинэ,  атахпыт  тоҥон,  олус  ыксыырбыт.  Үлэ  кытаа-
          наҕа, ыарахана улам билтэн испитэ,  фермаҕа да үлэлэтэллэрэ.  Үөрэх ол күһүн балаҕан
          ыйыттан  саҕаламмата.  Алтынньыга диэри үөрэхпититтэн  көҥүлгэттилэр  быһыылааҕа,
          оннук хойутаан үөрэнэрбит. Ас-таҥас улам мөлтөөн барбыта, туох да аһылык суох этэ.
          Бултаатахтарына  ону  буһаран  үллэрэн  сиэтэллэрэ.  Күҥҥэ  кып-кыра  быһыы  килиэби
          сиэн  баран  сылдьарбыт.  1945  сыллаахха  кэтэһиилээх,  үөрүүлээх  Кыайыы  буолбутун
          Токкоҕо,  оскуолабытыгар  көрсүбүппүт.  Дьон-сэргэ  сирэйдэрэ  сырдаан,  үөрэнээч-
          чилэргэ үөрүүлээх линейка, миитин буолбуттара. Ити саас 7 кылааспын нэһиилэ тыын
          быһаҕаһынан  дьэ  бүтэрбитим.  Ол  бүтэрэн  баран  холкуоспар  төннөн  кэлэн  салгыы
           1946—1950  сылга диэри  үлэлээбитим.  1946  сыллаахха тыылга  үчүгэйдик үлэлээбитим
          иһин Сталин төбөлөөх мэтээли туттарбыттара.
             Онтон  1950 сыллаахха күһүн оҕолор Дьокуускайга үөрэнэ кэлбиттэрэ, ону мин эмиэ
          көҥүллэтэн үөрэх туттарса барбытым. Онтум хойутаан, алтынньыга тиийбиппит. Үөрэх
          барыта бүтэн, миэстэ суох,  интэрнээккэ хонор да сир суох буолбут этэ.  Олорор да си-
          рим,  аһыыр  аһым  да  суох.  Хата,  мин дьолбор,  куорат кыыһын  доҕордоһон,  ол  кыыс
          дьонугар баран кыстаан олордохпуна, киинэ мэхээнньиктэр куурустара аһыллыбыта.  9
          ый үөрэнэн бүтэрэн  киинэ мэхээнньик буолбутум.
             Дойдубар  саас  ыам  ыйын  саҕана  барбытым.  Тиийэммин  Токкоҕо  1  сыл  үлэлээби-
          тим.  Онтон  миигин  передвижка  диэҥҥэ  көһө  сылдьан  көрдөрөр  киинэ  мэхээнньик
          оҥостоору  гыммыттарыгар,  аҕам  сөбүлэспэтэҕэ.  Биһиги  дойдуга  20-25  көстөөх  сиргэ
          атынан,  табанан  сылдьаллар,  онно  кыайан  сылдьыаҥ  суоҕа  диэн  ууратан  кэбиспитэ.
          Онтон эмиэ холкуоспар баран үлэлээбитим.
             Сайын  устата  үлэлээн,  күһүнүгэр  эмиэ  алтынньыга  көҥүллээннэр,  иккиһин  Дьо-
          куускайга  кэлбитим.  Эмиэ  ол  ыалбар  түһэммин  олордохпуна,  аны  финансовай  тех-
          никумҥа  статистика  отделениета  саҥа  аһыллар  диэн  буолла.  Онно  туггарсан,  хата,
          ыллылар,  киирбиппэр  уопсай  биэрдилэр.  Күҥҥэ  иккитэ  итии  аһылыгы  аһыыр  гына
          дьаһайдылар,  онно  дьэ  харахпын  өрө  көрдүм.  3  сыл  онно  үөрэнэн  ситиһиилээхтик
          бүтэрэн,  Уус  Алдаҥҥа  Бороҕоҥҥо  1954  сыллаахха  кэлбитим.  Уус  Алдан  статистика
          отделениетыгар  үлэҕэ  киирбитим.  1955  сыллаахха олоҕум  аргыһын  —  Бочкарев  Иван
          Андреевиһы  көрсөммүн,  сөбүлэһэммит  ыал  буолбуппут.  Кэргэним  Иван  Андреевич
          Иркутскайдааҕы  автодорожнай техникуму бүтэрбитэ,  идэтинэн  суолу оҥорор  маастар
          этэ.  Уус  Алдан  суолу  оҥорор  тэрилтэтигэр  40-ча  сыл  эҥкилэ  суох  үлэлээбитэ,  ком-
          мунист  партиятын  чилиэнэ этэ.  Ол  олордохпутуна,  аҕам улаханнык ыалдьан,  төттөрү
          дойдубар  ыҥыртаран,  тута  барбытым.  Аҕабын  ыарыылаан  3  сыл  буолан  баран,  1961
          сыллаахха  манна  төттөрү  кэлбиппит.  Бороҕоҥҥо  гостиницаҕа сэбиэдиссэйинэн  үлэҕэ
          киирбитим. Ол киирэн баран үлэлии сылдьан, райсовекка приемнайга сэкирэтээринэн
          үлэлээбитим. Ити кэмҥэ номнуо 5 оҕоломмуппут, кыра буоланнар Уус Алданнааҕы си-
          бээс отделениетыгар телеграфка үлэҕэ үлэлээбитим.  Ол киирэн үлэлии сылдьан баран
          эмиэ дьиэбэр сатаммаккабын, «Мичит» дьааһылаҕа сестра-воспитатель үлэтигэр киир-
          битим,  арыый  бириэмэлээх  диэммин.  Онно  1980  сыллаахха  биэнсийэҕэ  тахсыахпар
          диэри  үлэлээбитим.  Биэс  оҕом  улаатан  ыал  буолбуттара,  бары  бэйэлэрэ  идэлээхтэр,
          үлэ-хамнас  дьоно  буола  улааппыттара.  Биир  уолум  ыалдьан  суох  буолбута.  Билигин



                                                       11
   10   11   12   13   14   15   16   17   18   19   20