Page 125 - Сэрии кэмин оҕолоро 2 кинигэ
P. 125

ӨЛТӨХ нэһилиэгэ



















                                      Өлтөх нэһилиэгэ


                               Босикова Мария Иннокентьевна

           Маайыс  кыыс  уоттаах  сэрии  саҕаланар  кэмигэр  7  сааһын
        томточчу  туолбута.  Мария  Иннокентьевна  Босикова  1934  сыл
        тохсунньу  19  күнүгэр  Уус  Алдан  оройуонун  Чэриктэй  нэһи-
        лиэгэр төрөөбүтэ.  Кини  олоҕун оҥкулуттан быһа тардыыларыт-
        тан бэйэтин  кэпсиирин  истиэҕиҥ.
           Мин хос эбэм  Варвара Федоровна,  Чэриктэй нэһилиэк олох-
        тооҕор  Кузьма  Босиков  диэн  40  саастаах  киһиэхэ  эргэ  тахсан
        биэс  оҕото  киһи  буолбут.  Ол  курдук  1858  сыллаахха  Чэриктэй
         нэһилиэгин  кинигэтигэр  суруллубутунан,  Варвара  Федоровна
         58  саастаах  эбит,  улахан  кыыһа  Мария  —  40,  Афанасий  —  26,
         Кузьма  —  20,  Анна  —  17,  кыра уоллара  Степан  13  саастаахтар.
        Оттон  мин  эһэм  Босиков  Николай  Кузьмич  1878  сыллаахха күн  сирин  көрбүтэ.  Эһэм
        ойох  ылан  түөрт  оҕолоноллор,  улахан  уоллара  мин  аҕам  Иннокентий  Николаевич  —
         Милтэкис  1906 сыллаахха төрөөбүт.  Иккис уоллара Николай  Николаевич  —  1908, ула-
        хан кыыстара  Варвара —  1910,  кыра кыыс  1915 сыллардаахха төрөөбүттэр.
           Эһэм  Ньукулай (хос аата Табыынап) сымнаҕас майгылаах киһи эбит. Аҕам Лэгэнтэй
        барахсан  уҥуоҕунан  кыра,  дьарамай да  буоллар,  эмиэ  бэйэтин  кыанар  сытыы,  кыты-
        гырас  киһи  этэ.  Ол  курдук  кини  эдэригэр  Чэриктэйтэн  Дьокуускайга  сатыы  киирэн
        тахсара. Аҕам инитэ  Ньукуус Дьокуускайга  үөрэнэ сылдьан  ыараханнык ыалдьан  эдэр
        сааһыгар суох буолбут.
           Аҕам  И.Н.  Босиков  ийэбинээн  Гоголева  —  Босикова  Анна  Петровналыын  (кини
         1904  с.т.)  холбоһоннор,  үс  оҕолоноллор.  Биһиги  ийэбит  Анна  Петровна  бииргэ
        төрөөбүт элбэхтэр эбит, сэттэ кыыс,  икки уол.  Ийэм балта Дарья Петровна З.Д.  Ильин
        диэн  киһиэхэ  эргэ  тахсан  биир  уолу  төрөппүтэ.  Оттон  кэлин  атын  киһиттэн  Мария
        диэн кыыһы төрөппүтэ.  Михаил Захарович кыра оҕо эрдэҕиттэн уһун сылларга Дүпсүн
        нэһилиэгин пиэрмэлэригэр ыанньыксытынан  үлэлээн биэнсийэҕэ тахсыбыта.  Михаил
        ойоҕунаан  үс  уол  оҕону төрөтөн,  улаатыннарбыттара.  Михаил  Захарович  75  сааһыгар
        олохтон туораабыта.
           Мин, саҥа улаатан истэхпинэ, ийэм  1939 сыллаахха балтыбын Аняны төрөтөн баран,
        ыараханнык  ыалдьан,  бу  орто  дойду  олоҕуттан  бараахтаабьҥа.  Онон  балтыбын  Аня-
        ны  ыатга  ииттэрэ биэрбиттэрэ.  Аня,  кэлин улаатан,  үлэһит буолан баран,  Бороҕоҥҥо
        Н.П.  Васильев  диэн  киһиэхэ  эргэ  тахсан  биэс  оҕоломмута.  Аня  1973  сыллаахха  кыра
        уолун  Ганяны  оҕолонон  баран  өлбүтэ,  онон  уолун  эмиэ  ыалга  ииттэрэ  биэрбиттэрэ.
        Аҕам  барахсан  сайынын  Дьэли  Кэриэһигэр Алдан  өрүһүнэн  ааһар  борохуоттарга  мас
        кэрдэрэ.  Оччолорго борохуоттар маһынан оттунан айанныыллара.  Биһиги убайбынаан



                                                     121
   120   121   122   123   124   125   126   127   128   129   130