Page 203 - Сэрии кэмин оҕолоро 2 кинигэ
P. 203

II ӨСПӨХ нэһилиэгэ

         бааһыналар кытыьшарыгар чөмөхтөнөн, ыар үлэ туоһута буолан хойукка диэри сытаах-
         таабыттара.
            Оччолорго  ас-үөл,  таҥас-сап  да  олус  мөлтөҕө.  Сүрүн  аһылык  тао хааһыта  буолара.
         Сайын  сүүрдүллүбүт  үүт ордугун  омуһахха уһааттарга  кутан  хаһааналлара.  Күһүн  сир
         тоҥмутун кэннэ балбааҕынан (сүөһү сааҕынан сыбаан) иһит оҥорон, омуһахтан таһаа-
         ран  ол балбаах иһиттэригэр кутан тоҥороллоро. Тоҥмутун кэннэ хоҥнорон  ылан ыал-
         ларынан  үллэстэллэрэ.  «Тар уута» диэн  ааттанара,  дьэ  сүрдээх аһыы-кутуу ас диэн  ол
         буолара. Дьэ ол тар уутугар бурдук сыыһа  кутан  оргутан, уп-убаҕас хааһы  оҥороллоро.
         Кыра лэппиэскэ сыыһын кытта хонук ас ол  буолара.
            Холкуостаахтар 1-2-лии ынахтаах буолаллара, онтон ордугу сэбиэскэй былаас көҥүл-
         лээбэт  этэ.  Сылгы  сүөһүнү  чааһынайга  олох да  көҥүллээбэт  этилэр.  Көҥүллүүллэрэ
         да буоллар, чааһынайга оттонор ходуһа диэни биэрбэт этилэр.  Оннооҕор хайа эмэ тыа
         саҕатын,  хаалбыт өтөҕү  кистээн  оттоотоххуна,  тутан  ылаллара.  Көлөһүн  күнүгэр  төһө
         хамнаһы өлөрбүккүнэн эрэ кыра оту үллэрэллэрэ. Сылы быһа үлэлээн баран, холкуос-
         таах  хамнаһын  күһүн  биирдэ  төлүүллэрэ.  Ол  аскын,  харчыгын  сылы  быһа  тиэрдиэх-
         тээххин.
            Дохуот диэн ааттанар хамнаскар,  көлөһүн  күнүнэн  көрөн:  эт,  арыы,  сиэмэ,  оҕуруот
         аһа  (моркуоп,  хаппыыста,  хортуоппуй,  луук  (репчатай),  бурдук түҥэтэллэрэ.  Бу маны
         барытын холкуостаахтар бэйэлэрэ көрөн-харайан үүннэрэллэрэ.
            Аһыыр ас барыта нуорма буолара.  Эт ас ыйга аҕыйахта, балык ол быыһыгар сиэнил-
         лэрэ.  Күөстэммэт киэһэ лэппиэскэ сиирбит.  Онтубут эмиэ нуорма буолара. Тот да, то-
         тума, онон хоноҕун.  Ону барытын буолуохтааҕын курдук ылынарбыт.  Ити  50-с сыллар
         ааһыахтарыгар  диэри  барбыта,  сэрии  хас  эмэ  сыл  ааспытын  да  кэннэ.  Сэрии  саҕана
         өссө ыарахан олох аастаҕа, дэлэҕэ тыһыынчанан киһи  хоргуйан  өлүө дуо?
            Сэрии  саҕана да,  кэнники  да дьоннорун-сэргэлэрин  оҕонньоттор дьоллоохтор  хор-
         гуйан  өлүүттэн  быыһаатахтара.  Оччолорго  туох  элбэх  бултуур  тэрил  кэлиэй?  Бэйэ-
         лэрэ туу, ардьа,  илим  оҥостон, тиргэ туруоран,  куйуур оҥостон  бултаан  аһатан  өлүүт-
         тэн-сүтүүттэн быыһаатахтара.  Куобах барахсан, билигин эстэн эрэр, тайах баар буолан
         тыыннаах хаатлахтара.
            Сайын балыгы тымтайга сүгэн кэлэллэрэ. Ону, таһырдьа кутаа оттон, үтэһэҕэ үөлэл-
         лэрэ. Сороҕор элбэҕи бултуйдахтарына, собону, мундуну үөлэн баран, дьиэҕэ киллэрэн
         кыраадаҕа  анньаллара.  Ону  ылан  сиир  минньигэс да  буолара.  Дьаарыҥса диэн  сиэмэ
         бурдуга  хап-хара  буолара,  лэппиэскэтэ  буһарарга  буруо-тараа  бөҕө буолара,  амтана да
         олус бэрдэ суоҕа.
            Дэҥҥэ маҕаһыынтан бурдук ылан аҕатлахтарына, саһархай, кытархай өҥнөөх буола-
         ра, лэппиэскэтэ да олуһа суоҕа. Аны санаатахха,  кукуруза  бурдуга  эбит,  өссө тугу-тугу
         буккуйан  эбэллэрин-сабалларын туох билиэй?
            Сэрии  сылын  оҕолорун  аһылыкпыт  оннук  буолара.  Ону  билигин  ким  итэҕэйиэй,
         бука саарбахтыы саныахтара буолуо дии саныыбын.
            Таҥас-сап олус мөлтөх этэ. Холкуостаах таҥаһа олус мөлтөх, эргэ-урба, барыта абы-
         рах  буолара.  Кыаммат дьон  таҥаһа  өссө  мөлтөҕө.  Учууталлар,  тэрилтэ  салайааччыла-
         рын  таҥастара  эрэ сэнэх,  ыраас-мааны  буолара,  астара-үөллэрэ да  үчүгэй  быһыылаа-
         ҕа.  Ый  аайы  хамнас  ылар  буолан  сэнэхтик олороллоро.  Хата,  оччолорго  ыал  ийэлэрэ
         бары  кэриэтэ,  иистэнньэҥ буолар этилэр.  Сүөһү тириитинэн  этэрбэс,  үтүлүк,  куобах
         тириитинэн  бэргэһэ,  кыһыҥҥы  үтүлүк,  кээнчэ  уо.д.а.  тигэллэрэ.  Киһи  үксэ  оҥоһуу
         тэлигириэйкэ  кэтэрэ.  Мин  ити таҥастары  50-с сылларга  эмиэ  элбэхтик таҥныбытым.
         Сиргэ-уокка,  тымныыга  хаарыан  таҥастар  буоллахтара.  Маҕаһыынтан  барытын  хайа
         харчыгынан  ылыаҥый?
            Мин  холкуос  олоҕун  1949  сыл  бэс  ыйыттан  билбитим.  Ити  сыл  атырдьах  ыйыгар
         алтабын туолуохтааҕым.  «Сиилэс угуутугар оҕус сиэтэҕин»,  — диэн буолла. Аллантан 2
         оҕуһу анаан аҕалбыттар.  Мин оҕуһу хастаахпыттан мииммипгшн өйдөөбөппүн да, онно
         үөрүйэхпин.  Эдьиийим  Антонина  Ивановна,  миигиттэн  1,5  сыл  аҕа,  киниэхэ  эмиэ  2


                                                     199
   198   199   200   201   202   203   204   205   206   207   208