Page 252 - Сэрии кэмин оҕолоро 2 кинигэ
P. 252

СҮОТТҮ нэһилиэгэ

                                       Аҕата  Аал.таах  Үүҥҥэ  айаҥҥа  сылдьыбыт.  Ийэтэ  кыһынын
                                    фермаҕа,  сайынын  окко  сылдъар  эбит.  Аҕата  сэрии  кэмигэр
                                    сылдьан  сутаан  өлбүт.  Оҕо  сылдьан  ийэлэрэ  кыһыҥҥы  кэмҥэ
                                    хотону харабыллыыр кэмигэр хоноллор эбит. Сайынын окко ба-
                                    тыһа сылдьаллар.
                                       Сэрии  кэмигэр саамай элбэх өлүү Уһун  Күөлгэ буолбут эбит.
                                    Ол курдук, биир кыра бөһүөлэктэн 49 киһи суох буолбут, сутаан
                                    өлбүттэр.  Ол  кэмҥэ  оҕолор  дьааһылаҕа  аччыгый  эдьиийинээн
                                    сылдьан  тыыннаах  хаалбыттар.  «Сут  дьылга  аан  бүрүөһүнүн
                                    үтэн  биэрбиттэрин  сиирбин  өйдүүбүн.  1945  с.  Кыайыы  күнэ
                                    буолбутун  үчүгэйдик  өйдүүбүн.  Онно  улахан  парад  буолбута.
                                    Онно  миэхэ  кимтэн  эрэ  былаат уларсан  баайбыттарын  күн  бү-
            гүҥҥэ диэри  өйдүүбүн.  Оонньуу,  көр-нар бөҕө буолбута.  Оччолорго дьахталлар кытта
            тусталлара.
               1945  сыллаахха улахан  эдьиийбит Александра  Михайловна  «Кыһыл  Сата»  холкуос-
            ка  Ала  Соболоох  бөһүөлэгэр  сиэмэ  ыраастааһыныгар  кэлэн  үлэлии  сылдьыбыта.  Ол
            сыл  Ала  Соболооххо  бурдук  үүммүт  сыла  эбит.  Киһи  тиийбэккэ,  атын  холкуостар-
           тан  көмөҕө  үлэһит  көрдөөбүттэр.  Уһун  Күөлтэн  үс  кыыс  киирэн  үлэлээбит.  Ол  сыл-
           дьан  биһиги  эдьиийбит  Пермяков  Семен  Власьевиһы,  «Кыһыл  Сата»  холкуос  солбу-
            йар  бэрэссэдээтэлэ  уолу,  сөбүлүү  көрөн,  1945  сыллаахха  сайын  кэргэн  тахсар.  Онтон
            миигин,  кыра  эдьиийбин  уонна  ийэбин  көһөрөн  киллэрэр.  Онон  1946  сылтан  Суотту
           олохтооҕобун.
               1945  сыл  күһүнүгэр  Уһун  Күөлгэ  сүөһүтэ  суох  ыалларга  биирдии  төрүүр  сүөһүнү
           биэрбиттэрэ.  Онно биһиэхэ эмиэ биир ынаҕы биэрбиттэрэ.  Ол  курдук онтон  ыла дьон
           бары сүөһүлэммитэ.
              Ала  Соболооххо  кэлэн  баран  улахан  эдьиийим  сайынын  хонууга  үлэлиирэ,  кыһы-
            нын  субай  сүөһү  көрөр  этэ.  Күтүөтүм  салайар  үлэҕэ  сылдьыбыта,  биригэдьииринэн,
           холкуос солбуйар бэрэссэдээтэлинэн. Аччыгый эдьиийбинээн сайынын окко сылдьар-
           быт,  кыһынын  Хоноҕор оскуолатыгар үөрэнэр этибит.
               1952  сыллаахха  холкуоска  үлэбин  саҕалаабытым.  Икки  сыл  эдьиийбинээн  сылгы
           аһаппыппыт,  сайынын  окко  сылдьар  этибит.  Кэлин  субай  сүөһү  көрүүтүгэр,  онтон
           ыанньыксытынан  үлэлээбитим.
              1960-1969 сс.  интэринээккэ поварынан,  1970 сылтан биэнсийэҕэ тахсыахпар диэ-
           ри  маҕаһыыҥҥа  үлэлээбитим.  Үчүгэй  үлэм  иһин  2004  сыллаахха  «20 лет безупреч-
           ной  работы  в потребительской кооперации» туйгун бэлиэ ылбытым.  1989 сыллаахха
           үлэ  бэтэрээнэ  буолбутум.  2004  сыллаахха  «Уус  Алдан  улууһун  культурата  сайдыы-
           тыгар  кылаатын  иһин»  бэлиэ  туттарбыттара.  2009  сыллаахха  «За  вклад  в  развитие
           народного художественного творчества  РС  (Я)» бэлиэнэн  наҕараадаламмытым.  2010
           сыллаахха  Суотту  нэһилиэгин  Бочуоттаах  олохтооҕо  буолбутум.  ССРС  эргиэнин
           туйгунабын.
              Бэйэм  Федоров  Николай  Васильевич  диэн  киһиэхэ  кэргэн  тахсыбытым.  Кэргэ-
           ним  Хоноҕор оскуолатыгар саха тылын  учууталынан  үлэлээбитэ.  1969  сыллаахха  ыат-
           дьан  өлбүтэ.  Үс  уол  оҕолоохпун,  биэс  сиэннээхпин,  сэггэ  хос  сиэннээхпин.  Аччыгый
           эдьиийим  Аммосов Дмитрий  Прокопьевич  диэн  Өймөкөөн  киһитигэр  кэргэн  тахсан,
           5  оҕолоох,  11  сиэннээх,  3  хос  сиэннээх.  Улахан  эдьиийим  4  оҕолоох  этэ,  1  уоллаах,  3
           кыыстаах,  13 сиэннээх,  8  хос сиэннээх.  Онон Суоттуга олохсуйан дьоллоохпут.
              Аҕам  бииргэ  төрөөбүттэрин  оҕолоро  Лыткин  Иван  Иванович  оҕолоро  Кэптэнигэ
           бааллар.  Аҕам  бииргэ  төрөөбүтүн  кыыһа  Өнөргө  баар,  Мария  Афанасьевна  Лыткина
           диэн.
              Ийэм  бииргэ  төрөөбүтэ  Макаров  Андрей  Иванович  диэн  оҕонньор  сиэннэрэ  Бо-
           роҕоҥҥо  уонна  Уһун  Күөлгэ  бааллар.  Макаров  Иннокентий  Иванович  сиэннэрэ


                                                       248
   247   248   249   250   251   252   253   254   255   256   257