Page 272 - Сэрии кэмин оҕолоро 2 кинигэ
P. 272

ТҮҮЛЭЭХ нэһилиэгэ

            Өрөспүүбүлүкэтин  тыатын  хаһаайыстыбатын  туйгунабын,  Уус  Алдан  улууһун  уонна
            Түүлээх  нэһилиэгин социальнай-экономическай сайдыытыгар киллэрсибит кылаатым
            иһин анал бэлиэлэрдээхпин,Түүлээх  нэһилиэгин  Бочуоттаах олохтооҕунабын.


                              Сыроватскай Прокопий Прокопьевич

                                       Мин  Түүлээххэ  «Кыһыл  Сойуус»  холкуос  Бэс  Тумуһах диэн
                                    сиригэр  1933  сыллаахха  олунньу  16  күнүгэр  холкуостаах  дьиэ
                                    кэргэҥҥэ күн сирин көрбүтүм. Кыра эрдэхпинэ ийэм оҕолоноо-
                                    ру  өлбүтэ.  Билигин  да  ону  аһыйбыппын  умнубаппын.  Сааһым
                                    биэһим  этэ.  Аҕам тоҕус  саастаахпар өлбүтэ.  Ол  кэннэ биир сыл
                                    Винокуровтар диэн  ыалга  иитиллибитим.  Кинилэргэ  махталым
                                    улахан.
                                       Онтон  ыла  холкуос  араас  үлэтигэр  эриллибитим.  Кыһынын
                                    хотоҥҥо, сайынын оҕуруот аһыгар, окко улахан дьону кытта тэ-
                                    бис-тэҥҥэ сылдьарым.  Оскуола диэни билбэтэҕим  —  ким  мии-
                                    гин,  тулаайаҕы,  көрөн-истэн  үөрэттэриэй?!  Арыт  аччыктаан,
                                    ыалтан-ыалга хонорум, аһаталлара.
               Арыый  улаатан  баран,  16 сааспыттан,  төһүү  үлэһит  курдук сылдьан, дохуот аахсан,
            бэйэбин син  көрүнэн барбытым.  Үксүн ферманы эҥээрдэһэр этим. Халбыыр үүт баҕа-
            лаах  этэ,  үлэлиир  буолан,  син  тииһинэрим.  Ол  да  нуорма  этэ.  Сиэмэ  атаҕын  16-лыы
            киилэни биэрэллэрэ.  Ити барыта сэрии, уот-кураан охсуута этэ. Өссө кыра эрдэхпинэ,
            отчуттарга бурдук тартара илдьэ барбыттара. Ону кыайан тардымына,  ийэм баара буол-
            лар  маннык  сордонуом  суоҕа  этэ диэн,  ытыы-ытыы  тардарым.  Ол  бурдугу отчуггарга
            быыкаа  куруусканан  үллэрэн биэрэллэрэ.  Биирдэ аччыктаан  сирэйим  иһэн  сыттахпы-
            на, Ольга уонна Өлөөнө диэн дьахталлар булан ылан,  үүттээх чэй эҥин иһэрдэн, тыын
            ылбытым.  Ол дьахталлар, бу киһи буолар оҕо буорайаары  гыммыт диэн,  аһыммыттара.
              Холкуоска охтон өлбүт торбос  этин  биэрэллэрэ, ону сиир этибит. Дьахталлар тигэн
            биэртэрэ дуу,  куул  ыстааннаах,  ырбаахылаах этим.
               Сэрии  кэнниттэн  олох  улам  тупсан  барбыта.  Арыый  улаатан  эҥин,  дохуот  аахсар,
            син  үссэнэн,  тото аһыыр буолбутум.
               1970 сыллаахха дойдум  кыыһын  Копырина  Мария  Васильевнаны  кэргэн  ылбытым.
            Түөрт  оҕолоохпут,  тоҕус  сиэннээхпит,  биир  хос  сиэннээхпит.  Холкуоска  араас  үлэҕэ
            сылдьан,  билигин биэнсийэҕэ тахсан олоробун.



                                 Сыроватская Акулина Васильевна

                                       Мин  1972  —  1979  сс.  Түүлээх  8-с  кылаастаах  оскуолатын
                                    интэринээтигэр  Федорова  Варвара  Никифоровналыын,  Бур-
                                    нашева  Татьяна  Кириковналыын  үлэлээбиппит.  Поварынан
                                    Дмитриева  Акулина  Прокопьевна,  сатгыы  Копырина  Матрена
                                    Ивановна,  Бережнева  Мария  Ивановна  үлэлээбиттэрэ.  Уот  от-
                                    тооччунан  Богдашин  Иван  Константинович.  Сыроватскай  Ни-
                                    колай  Егорович  үлэлиир этилэр.
                                       Оччолорго  дириэктэр  Федоров  Егор  Яковлевич  физрук-
                                    туур  этэ.  Ол  иһин  элбэх  оҕолоохтортон,  тулаайахтартан  талан
                                    хайыһарга  дьарыктыыра.  Интэринээт  ис-тас  үлэтин  оҕолор
                                    дьуһуурустубалаан  толороллоро.  Оччотооҕу  оҕолор  үөрэх  кэн-
                                    ниттэн  араас  куруһуокка дьарыктаналлара,  аны  күн  аайы  тым-
            ныыны аахсыбакка хайаан да хайыһардыыллара, онтон кэлэн  интэринээттэрин  үлэтин




                                                       268
   267   268   269   270   271   272   273   274   275   276   277