Page 37 - Сэрии кэмин оҕолоро 1 кинигэ
P. 37

БАЙАБАНТАЙ нэһилиэгэ

            Биһиги  төрөппүттэрбит  алта  оҕону  төрөтөн-үөрэттэрэн  ыал  оҥорбуттара.  Билигин
          бары пенсияҕа тахсыбыппыт, сиэннэрбитин көрөргө көмөлөһөбүт. Сорохторбут, арыый
         доруобуйалаах өттүлэрэ,  оҕолоругар көмө буолаары  өссө да  үлэлии  сылдьаллар.
            Мин,  1969  сыл  үрдүк  үөрэххэ  үөрэнэ  сылдьан,  Уус  Майаттан  сылдьар  Атласов
          Михаил  Михайловичка кэргэн тахсыбытым.  Кини,  инженер-механик идэлээх буолан,
          биһиги  сопхуоспутугар  уһун  кэмҥэ  завгарынан,  кылаабынай  механигынан  ситиһии-
         лээхтик үлэлээбитэ.  Кэлин  кирпииччэ собуотугар  үлэлии  сылдьан  пенсияҕа  тахсыбы-
         та.  Биһиги  ыал үс  оҕолоохпут,  уонча сиэннээхпит.
            Биһиги,  сэбиэскэй былаас  ииппит дьоно,  Улуу Өктөөппүт бырааһынньыгын аныгы
          бьыаас  олох да устуоруйатыттан  сотон  кэбиспититтэн  наһаа хараастабыт.  Хорсун,  па-
         триотическай  өйдөөх-санаалаах,  хаанымсах фашизмы  кыайбыт норуот олорбут олоҕун
          бэлиэтээбэт,  ахтан ааспат диэн  сыыһа дии саныыбыт биһиги,  сэрии  оҕолоро.
                                                                                             2017 с.


                                 Колодезников Иван Петрович

            Уоттаах  сэрии  иннинэ  холкуостар  атахтарыгар  туран  олох
         көнөн  барбьгта.  Илии  үлэтин  өрө  тута  сылдьыбыт  холкуостаах-
         тарга  көлө  охсоро,  бурдук  астыыр  малатыылка  кэлэн  үлэ  таһаа-
         рыыта лаппа тупсубута, дохуот да баар буолан испитэ. Дьон-сэргэ
         сүргэтэ көтөҕүллэн үлэлиирин уончалаах бэл Уйбаан уол өйдүүр.
            1941 сыл бэс ыйын 22 күнэ.  Киһи аймах баарын тухары бу күн
         дьон  олоҕун  атыйахтаах  уулуу  аймаабыт  хара  күнүнэн  ааҕыллар
         буолбута.  Онтон  Иван  Петрович курдук сэрии  кэмин оҕолоругар
         кырыымчык аас-туор олох сүрэх оспот бааһа буолан сылдьар.
            — Сэриини кытта уот кураан сатыылаабьгга, — диэн кэпсиир
         Иван  Петрович.  —  Биһиги  Убаһалаах  сайылыкка  олорорбут.
         Ийэбит  сыллата  кэриэтэ  оҕолоноро  уонна  сөтөл  ыарыы  буо-
         лан  улаханнык  үлэлээбэт этэ.  Эбэбит  Маайа  эмээхсин  ыанньыксыттыыра.  Мин  ынах
         этэрэн  көмөлөһөрүм.  Сэрии буолбута иккис  сайыныгар аҕабын  кьпта  бииргэ төрөөбүт
         Көстөкүүн  Убаһалаахтан  сэриигэ  барбыта.  Кини  инитэ Уйбаан  Суоттуга  почтаҕа  үлэ-
         лии  олорон,  биһиэхэ  кэлэн  билсибэккэ  да  эрэ  эмиэ  армияҕа  ыҥырыллан  барбыта.
         Биһиги  аҕабыт уҥа илиитэ төрүкү такыр буолан  сыыйыллан  армияҕа  барбатаҕа.
            Сэрии  ыар  кэмнэригэр  ийэ-аҕа  баара,  кырдьыга,  туохтааҕар  да  күндү,  үөрүүлээх
         суол этэ.  Ити  эрээри уоннаах Уйбаанчыкка  уонна  кини  эдьиийдэригэр,  балыстарыгар
         үөрүүлэрэ уһаабатаҕа.  Ол  ыар  кэмнэри  Иван  Петрович бу курдук ахтар:
            —  Оччолорго  холкуостарга  «буксуур»  диэн  көмөлөсүһүү  баара.  Аҕам  биригээдэти-
         гэр  сааскы  ыһыытын  түмүктээн  баран,  Курбуһах  нэһилиэгэр  көмөлөһө  барбыта.  Ол
         барыан  эрэ  иннинэ  сааскы  ыһыыттан  ордубут  куул  аҥаара  сиэмэни  бурдук  сарайын
         үрдүгэр  быраҕан  барбыт.  Ону  хайалара  эрэ  көрөн  «бурдугу  уорбут»  диэн  үҥсэннэр,
         аҕабытын  тутан  барбыттара.  Кини  ол  барыытынан  эргиллибэтэҕэ.  Ийэбит,  төрүкү
         ыарытыган,  аһаах  киһи,  сытан  хаалбыта.  Ити  1942  сыл  сайыныгар  биһиги,  уончалаах
         оҕолор,  атахпыт  батар  гына  сир-дойду  хайа  хаппыта.  Бэл,  Танда  үрэх  чүөмпэлэригэр
         ньуоска  уу  ордубатаҕа.  Син  уһун  олоҕу  олорон  кэллим  да,  итинник  курааны,  аһыҥа
         үөн хойдубутун кэлин  көрбөтөҕүм.  Ол да буоллар,  биһиги,  оҕолор,  улахан дьону кытта
         тэҥҥэ  сылдьан  окко  үлэлэһэрбит.  Тирииттэн  тигиллибит түүппүлэбитин  харыһыйан,
         сарсыардааҥҥы  сииккэ оҕустарбытын  атах сыгынньах  көрдүү  барарбыт.  Оҕус  сыппыт
         сирэ,  кини  хойуута  атахпытын дьиктитик сылытарын билигин да  умнубаппын.
            «Сор-муҥ соҕотоҕун кэлбэт» диэн мээнэҕэ эппэтэр. Аҕалара барбытын кэннэ ханыы
         ийэлэрэ өлбүтэ.  Быыс  кэннигэр  уҥуох-тирии  буолан  сытар  ийэ барахсан  эбээ  Маайа-
         нан уолун  ыҥыртарбыта.


                                                     33
   32   33   34   35   36   37   38   39   40   41   42