Page 42 - Сэрии кэмин оҕолоро 1 кинигэ
P. 42
БАЙА5АНТАЙ нэһилиэгэ
ги олорор сирбитигэр ферма хотоно баара. Онно киэһэтин миигин тымтык туттарар
этилэр. Хотоҥҥо чуукка үрдүгэр тахсан туран тымтык тутарым. Күнүс тымтык тыырар
этим. Онно сөмүйэбин, атахпын быһахха быспытым чэрэ билигин да сылдьар. Кэлин,
арыый улаатан баран, сүөһүнү ойбоҥҥо батыһан киирэн уулатар буолтум. Сайынын
оҕус иччитэ буолар этим. Мииннэрэн биэрэр этилэр. Оҕурдук оҕус сиэтээччи буолан
улаатан испитим, онон таабыл суруйтаран улахан киһи оруолун толорон үлэлээбтим.
Уон иккибэр диэри үөрэммэтэҕим. Холкуоска үлэлээбитим. Онтон таайым Кривошап-
кин Дмитрий Прокопьевич диэн үлэһит киһи тулаайах оҕо диэн үөрэххэ ыыппыта.
Миигин Баайаҕаҕа начальнайга үөрэххэ киллэрбитгэрэ. Кыайыы күнүн «Пятилеткаҕа»
көрсүбүтүм. Дьонум аны сэрии бүттэ, сэриигэ барбыт дьоммут кэлиэхтэрэ дииллэрэ.
Биирдэ эһэм Тиит Арыыга киирэн тахсыбыт эбит. Аны санаатахпына, наһаа саҥарбат,
наар өрө тыына сылдьар буолан киэһэлик кэлбитэ. Биһиги үс оҕо сайылык дьиэҕэ эһэ-
лээх эбэбитин кытга сытар этибит. Сытан баран эһэбит эмискэ ытаата. Онтон эмээхсин
«уолбут» эрэ диэтэ. «Оо, сор да баар эбит», — диэн эбэбит ороҥҥо олорон алдьархай
улаханнык ытаан бардылар. Биһиги эмиэ куттанан буолуо, бокуойа суох ытаспытынан
бардыбыт. Кыайан ытаабат буолан, ыҥыргас буолуохпутугар диэри ытаһан баран утуйан
хаалбыт этибит. Уоллара Кривошапкин Егор Петрович диэн өлбүт этэ.
Аны киһи баарын тухары сэрии буолбатын. Биһиги курдук ким да кыра саастарыгар
эрэйи-буруйу билбэтиннэр. Аччыктаан бурдук итигэстээн, дьонтон саһа-саһа, ону аҕа-
лан хатаран, тардан астамматыннар. Оччолорго бурдук итигэстиир бобуу буолара.Үөрэ
отун хомуйан хатаран буһаран сиирбит. Ону төрүт да билбэтиннэр. Куруук байылыат,
эйэлээх олох буоллун!
Кэлин леснигинэн, суоппарынан үлэлээн пенсияҕа «Лесхозтан» тахсыбытым.
Өр сыллаах таһаарыылаах үлэбин туоһулуур «X лет службы в государственной лес-
ной охране СССР», «За сбережение и приумножение лесных богатств РСФСР» (1972),
«XX лет службы в государственной лесной охране» (1982), «XXX лет службы в государ-
ственной лесной охране СССР» (1992) диэн бэлиэлэрдээхпин.
Готовцева Евдокия Константиновна
Мин 1937 сыллаахха сэтинньи 28 күнүгэр Уус Алдан Ба-
йаҕантай улууһун нэһилиэгэр төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт 13
оҕоттон 3 оҕо ордон хаалбыппыт.
Танда сэттэ кылаастаах, онтон Мүрү орто оскуолатын бүтэр-
битим. Оскуоланы бүтэрээт, Мүрү райпотугар счетоводунан
үлэлээбитим. Онтон биир сыллаах педагогическай кьшааһы
бүтэрбитим. 1962 сььтган Мүрү орто оскуолатыгар начальнай
кылааска учууталлаабытым. Ол быыһыгар интэринээккэ воспи-
тателинэн үлэлээбитим.
1965-1971 сьшларга Саха государственнай университетын саха
тылын уонна литературатын отделениетын үөрэнэн бүтэрбитим.
Мүрү уонна Ньурба оройуонун 1-№-дээх оскуолатыгар продленнай группаҕа иитээч-
чинэн, учу\талынан үлэлээбитим. 1985-2003 сылларга Дьокуускай куорат 14-№-дээх
оскуолатыгар саха тылын уонна литературатын учууталынан үлэлээбитим. Билигин
биэнсийэҕэ олоробун.
Кылгастык оҕо сааһым туһунан, төрөөбүт, үөскээбит Тандабын ахтан аһарыахпын
баҕарабын.
Оҕо сааспын былыр-былыргыттан ааттанар Соҕуруу Танда дулҕалаах үрэҕэр, кы-
ракый көлүччэлэригэр, Табалаах, Мохсоҕоллоох, Күөрүмэ сайылыктарыгар, кыстык-
тарыгар син оонньоон аһардахпыт буолуо. Ол эрээри көр-нар диэни оччо билбэккэ,
үлэ-хамнас аргыстаах улааппыппыт. Билигин даҕаны Күөрүмэ, Табалаах сайылыктары
38

