Page 80 - Сэрии кэмин оҕолоро 1 кинигэ
P. 80

II БАЙАБАНТАЙ нэһилиэгэ

               лар.  Куоракка  киирэн  элбэх табаарыстанар,  бииргэ  үлэлиир дьонун  кытта  бодоруһар,
               «дойду дьонун»  кытта  билсэр.  Дьэ,  киһилии  олоҕо саҕаланар. Дойдутугар  Тиит Арыы-
               тыттан  ырааппатах  киһиэхэ,  хоту  дойдуга  тиийэн,  элбэх  сирдэринэн  үлэлээһинэ,  бу
               дойду  айылҕатын,  булдун-аһын,  ыалдьытымсах  үтүө-мааны  дьонун  кытта  алтыһыыта
               эдэр киһини  инники олоҕор элбэххэ бэлэмнээбитэ саарбахтаммат. Дьиҥнээх арамаан-
               тыка этэ диэн билигин  сааһыран  олорон Халыматын  ахтар-саныыр.

                                                                Ахтыыны суруйда кэргэнэ В.М.  Кудрина,
                                               педагогическай  үлэ бэтэрээнэ,  РФ  уөрэҕириитин туйгуна,
                                                             Учууталлар учууталлара,  сэрии кэмин оҕото


                                          Матвеева Анна Петровна

                                          1935  сыллаах  төрүөх.  Чарантан  сылдьар  тырахтарыыс  Бурцев
                                       И.И.  кэргэн тахсан, дьонутган эрдэ барбыт.
                                          Ааныс  сүрдээх  намыын,  сымнаҕас  майгылааҕа  уонна  ки-
                                       йиит  буолбут  ыала  хоноһону  хоннорор,  ыалдьытымсах  ыалга
                                       түбэспит.
                                         Анна  Петровна  атыы-эргиэн  үлэтигэр  чуолкайдык,  итэҕэһэ-
                                       быһаҕаһа суох  үлэлээбитэ.  ССРС  эргиэнин туйгуна.
                                          5  оҕо ийэтэ,  11  сиэн,  хос сиэн  эбэлэрэ.





                                      Неустроева Татьяна Семеновна

                                          Родилась  16 апреля  1944 г. в с. Танда Баягантайского наслега.
                                          В  1973-1976  гг.  училась  в  аспирантуре  отдела  патологии  че-
                                      ловека Института клинической и экспериментальной медицины
                                       СО АМН  СССР.
                                         С  1989 г.  работает в отделе медицинской экологии  Института
                                       здоровья  АН  РС(Я). Автор свыше 40  научных публикаций.







                                        Охлопкова Мария Петровна


                                         Мин  1933  с.  Уус  Алдан  оройуонугар  Бээрийэҕэ  Тандыгы
                                      Үрэххэ төрөөбүтүм.
                                         Аҕам  Охлопков  Петр  Егорович.  Ийэм  Готовцева  Александра
                                      Николаевна  төрөөбүт  сирэ  —  1  Байаҕантай  Убаһалаах  алаас.
                                      Төрөппүттэрэ  Готовцевтар  (Килээбирдэр).  Ийэм  бастакы  кэр-
                                      гэнэ  Бөрөлөөх  төрдүн  олохтооҕо  Готовцев  Егор  Софронович
                                      диэн  эбит.  Кэргэнэ  өлбүтүн  кэннэ  2  оҕолоох  огдообо  хаалар,
                                      Кыра уолун  Григорийы  1930 с. Аргунов Сөдүөттээххэ (Төттөлөр-
                                      гө)  ииттэрэ биэрэр.
                                         Кыыһын  Матренаны  1925  с.  Түүлээххэ  илдьэ  баран  онно
                                      олохсуйар.  Иккиһин  кэргэннэнэр.  Кыра  уолун  Баһылайы
                                      Стручковтарга  иитгэрэ биэрэр.


                                                          76
   75   76   77   78   79   80   81   82   83   84   85