Page 204 - Уйбаан Бахсылыырап. Сэрии кэмин оҕолоро - эйэлээх олох уустара
P. 204

мыта,  ону  ылбытыҥ дуо?”  —  диэн  ыйыппыта.  Иккиэн  даҕаны  үөрэхпит  кыра
        буолан  ону  ирдэһэр  өй  суоҕа,  ол  наҕараадалар  хайа  чааска  сырыттахпытына
        анаммыттарын  билбэппит  даҕаны.  Кэлин  советскай  правительство  Аҕа  дойду
        сэриитин  II  степеннээх  орденынан,  тоҕус  суол  медалынан  наҕараадалаабыта.
            Дьэ ити  курдук,  уоггаах сэрии уутун-уотун  ортотунан  ааспыт,  өлөр  өлүүнү
        хаста  да  көрсүбүт  Афанасий  Иванович  Стручков,  олох  салҕанар  айылгыты-
        нан  дойдутугар  этэҥҥэ  эргиллэн  кэлэн,  олох  оргуйар  үөһүгэр  түспүтэ,  эбии
        икки  оҕону  төрөппүтэ.  Сэрии,  үлэ  ветерана  А.И.Стручков  Кэптэнигэ  уолу-
        гар  Иван  Афанасьевичка  олорон  77  сааһыгар  1994  сыл  муус  устар  17  күнүгэр
        олохтон  барбыта.
                                       Күн  көрбүт  ыала

            “Хатыҥ  Сыһыы”  колхуостааҕа  Стручков  Афанасий  Иванович,  “Куоту-
        ка”  колхуостан  тиийэн  Жиркова  Мотрена  Григорьевнаны  ыйытан,  кыыс  онно
        сөбүлэһэн,  эдэр  дьон  1936  сыл  от  ыйыгар  ыал  буолбуттар.  Эдэр  ыаллар  сэ-
        рии  иннинэ  биэс  оҕоломмуттарыттан  түөрт  оҕо  дьон  буолар  дьылҕаламма-
        тахтар.  Оҕолоругар  өлүүлээх  Афанасий  Иванович  сэриигэ  ыҥырыллан,  бара-
        ары  туран  3,5  ыйдаах  уолун:  “Бу  да  оҕо  киһи  буолбата  буолуо!”  —  диэн
        санаатын  ыар  ындыы  оҥостон  бараахтаабыт.
            Ол  эрээри  1942  сыл  олунньу  12  күнүгэр  күн  сирин  көрбүт  Ваня  Стручков
        инчэҕэй  тирбэҕэ  быстыбатынан  киһи-хара  буолан,  бүгүн  эһэтин,  аҕатын  аат-
        тарын  ааттатар  дьоһун  ыал  аҕа  баһылыга,  эһэтэ.
            Сэрии  ыар  сыллара!  Күндү  чыычаахтарын  өлөр  өлүү  дэгиэ  тыҥыраҕар
        харбаппыт,  кэргэнин  Хонооһойу  сэриигэ  атаарбыт  Мотуруона  эрэйдээх,
        түүнүн  хараҕын  уутугар  мунан,  күнүһүн  эр  киһилии,  колхуостаах  күүстээх
        үлэтинэн  аралдьыйан  олох  олорбута.  Соҕотох уолун  Ваняны хараҕынан  көрбөт
        буолбут  эбэтигэр  Балааҕыска,  эбэтэр  дьукаах  ыалларыгар  хааллара-хааллара
        от-мас тиэйиитигэр,  балбаах таһыытыгар,  сир хорутуутугар,  от үлэтигэр,  күһүн
        бурдук  хомууругар  уонна  астааһыныгар  икки  хараҥаны  силбэһиннэрэ  сыл-
        дьаахтыыра.  Ол  курдук  кыайыылаах-хотуулаах  үлэһит,  Матрена  Григорьев-
        на,  сэрии  сылларыгар  дьахтар  үлэтигэр,  сүөһү  көрүүтүгэр  үлэлээбэккэ  наар
        эр  дьон  үлэтин  толороро.




























        200
   199   200   201   202   203   204   205   206   207   208   209