Page 238 - Уйбаан Бахсылыырап. Сэрии кэмин оҕолоро - эйэлээх олох уустара
P. 238

ра,  онтон  ити  сыл  Анисофор  Петрович  дойдутугар,  Хомустаахха,  көһөн  кэл-
        биттэрэ.  Дойдутун  дьоно  А.П.Алексеевы,  кини  дьиэ  кэргэнин  үөрэ-көтө
        көрсүбүттэрэ.
            Анисофор  Петрович  өссө  армияҕа  сылдьан  куртаҕынан  ыалдьан,  дойду-
        тугар  кэлэн  ыарахан  эпэрээссийэни  барбыта.  Ол  да  буоллар  сайыҥҥы  кэмҥэ
        бостууктаан,  окко  үлэлээн,  кыһынын  кочегардаан  күн  иллэҥэ  суох  сылдьа-
        ра.  Табаарыстара  уонна  биригээдэ  салалтата  көмөлөһөн  1962  сыллаахха  Алек-
        сеевтар  Хомустаахха  саҥа  дьиэ  туттан  киирбиттэрэ,  эбии  биэс  оҕону
        төрөппүттэрэ.  Анисофор  Петрович  аалларар  ыарыыта  көбөн,  оҕолор  үксүлэ-
        рэ  кыраларыгар,  1975  сыллаахха  сырдык  тыына  быстыбыта.  Огдообо  хаалбыт
        дьахтары  олохтоохтор:  “Кэтириис,  бука,  дойдутугар  көһөрө  буолуо”,  —  диэ-
        биттэрэ  да,  Екатерина  Михайловна  оҕолорун  төрөөбүт  сирдэриттэн  тэйитиэн
        баҕарбатаҕа.  Ол  курдук  холкуоска,  кэлин  сопхуоска  ыанньыксытынан,  тэ-
        рилтэҕэ  остуораһынан,  санитарканан  үлэлээн  оҕолорун  атахтарыгар  туруор-
        бута.  Е.М.Гоголева  тулаайах  хаалбыт  кэмигэр  күүс-көмө  буолбут  учаастак-
        тааҕы  биригэдьиирдэргэ  Иван  Иванович  Жирковка,  Иван  Семенович  Бурна-
        шевка,  Гаврил  Колесовка  билигин  да  истиҥник  махтана  саныыр.
            Дойду  үрдүнэн  уларытыы-тэлэритии  тыа  сирин  дьонугар  үксүлэригэр
        ыарыылаахтык  дьайбыта.  Сопхуос  ыһыллыбыта,  үгүс  дьон  үөс  сирдэргэ  үлэ
        көрдөһө  барбыттара.  Екатерина  Михайловна  үс  үлэһит уолаттара  “паай”  үллэ-
        стиитигэр  уонтан  тахса  сүөһүнү,  икки  биэни  ылбыттара.  Ити  сүөһүлэриттэн
        сороҕун  холбоон  “Сабарай”  бааһынай  хаһаайыстыбаҕа  (хаһаайыстыба  баһы-
        лыга  эмиэ  Хомустаахтар  кийииттэрэ,  герой  ийэ  Ф.И.Гоголева)  чилиэнинэн
        киирбиттэрэ.  Кинилэр  итинник  1997  сылга  диэри  үлэлээбиттэрэ.  Онтон  ити
        сыл  Е.М.Гоголева  паай  сүөһүтүн  уонна  сирин  арааран,  «Сардаана”  диэн  си-
        эдэрэй  ааттаах  бааһынай  хаһаайыстыба  тэриммитэ  уонна  күн  бүгүнүгэр  диэ-
        ри  үлэлиир.
            Дьэ,  бу  курдук  Хомустаах  бөһүөлэгин  биир  кырдьаҕас  кийиитэ  Е.М.Гого-
        лева,  олоххо  эрэлин  сүтэрбэккэ  үлэ  үөһүгэр  сылдьар  киһи.  Ытыктабыллаах
        Екатерина  Михайловна,  оҕо  эрдэххиттэн  үлэттэн  илиигин  араарбакка  Улуу
        Кыайыыны  улахан  дьоннуун  тэҥҥэ  уһансыбытыҥ.  Тус  олоххор  элбэх  эрэйи,
        аһыыны  да  көрүстэргин  ыарахантан  толлубат  модун  санааҕын  сөҕөбүн!
            Эйиэхэ  эҕэрдэ  буолуохтун  үбүлүөйдээх  75  сааскынан,  Улуу  Кыайыы  60
        сылынан!  Чэгиэн-чэбдик  сырыт,  үйэҥ  уһаатын!
                                                                  Уйбаан  Бахсылыырап,
                                                                    2005  сыл,  Хомустаах

            Екатерина  Михайловна  уөһэ  ахтыллыбытын  курдук,  төһө  да  атын  ыалга
        иитилиннэр  соҕотох  буолбатах  этэ.  Кинилэр  бииргэ  төрөөбуттэр  бэһиэлэр.  Ону
        таһынан  Е.М.Гоголева  Уус-Алдан  киһитинээн  А.П.Мексеевтыын  олоҕун  холбоон
        оҕо-уруу  төрөтөн,  дьон  кэккэтинэн  улэлээн-хамсаан  олох  олорбута.  Мантан  ал-
        лара  Анисофор  сиэн  быраата  Н.Д.Попов,  кыыстара  Альбина  Анисофоровна  уон-
        на  Е.М.Гоголева  бииргэ  төрөөбүт  убайа  Аркадий  Михайлович  Уваровскай  су-
        руйбут  ахтыыларын  кытта  билсиэҕиҥ.


            ТААЙЫМ  АНИСОФОР  УОННА  МИН  БИИРГЭ  ИИТИЛЛИБИППИТ

            Алексеев  Анисофор  Алексеевич  мин  төрөөбүт  таайым.  Биһиги  хос  эһэбит
        Өлөксүөйэп  Онтуон  Сыҥаах  нэһилиэгин  Хаатты  алааһыттан  төрүттээх,  хос
        эбэбит  Өкүлүүн  Баатаҕай  нэһилиэгин  Аманатовтарын  кыыстара  эбит.
        Өлөксүөйэптэр  бииргэ  төрөөбүттэр  тохсуолар.  Кинилэртэн  Өлөксөй диэн  уол-

        234
   233   234   235   236   237   238   239   240   241   242   243