Page 239 - Уйбаан Бахсылыырап. Сэрии кэмин оҕолоро - эйэлээх олох уустара
P. 239

лара  Томтортон  Силэпсиэптэр  кыыстарын  ылан  үс  оҕону  төрөтөр,  мин  ийэм
        Илииһэ  1925,  таайдарым  Арсыан  1926  уонна  Анисофор  1928  сыллаахха
        төрөөбүттэр.  Арсентий  Томторго  оскуолаҕа  үөрэнэр  сылларыгар  Мүрүгэ  ба-
        рабыык  аннынан  сөтүөлүү  сылдьан  ууга  былдьаммыт.
            Аны  аҕалара  эдэр  сааһыгар  олохтон  баран  оҕолор  төгүрүк  тулаайах  хаа-
        лаллар.  Ийэлэрэ,  бука,  эрдэ  суох  буолбут  быһыылаах,  кини  туһунан  туох  да
        кэпсээн  суох.  Онон  мин  ийэбин  уонна  таайбын  Анисофоры  убайдара  Бүөтүр
        Өлөксүөйэп-Тыла  Суох,  саҥаспыт  Дэбдэ  иитэ  ылбыттар.  Кинилэр  бэйэлэрэ
        иккитэ  оҕоломмуттар  да,  оҕо  турбатах.  Онон  иитэ  ылбыт  оҕолорун  бэйэлэ-
        рин  анныларынан  суруйтараннар  таайым  Алексеев  Анисофор  Петрович  буол-
        бут.
            Биһиги  ийэбит  Илииһэ  эдэр  эрдэҕиттэн  сөтөл  ыарыһах  буолан  наар  ба-
        лыыһаҕа,  диспансерга  сытара.  Аҕам  Попов  Миитээйи  (Дмитрий  Николае-
        вич)  эдэр  сааһыгар эмиэ ууга былдьанан,  биһиги эдьиийбинээн уонна быраап-
        пынаан  Арсенныын  тулаайах  аҥаардаах  хаалбыппыт.  Онон  миигин  абаҕам
        Бүөтүр  Онтуонабыс  Өлөксүөйэп-Тыла  Суох  иитэ  ылбыт.  Ити  курдук  таай-
        бын  Анисофоры  кытта  бииргэ  иитиллибиппин.  Ол  эрээри  миигин,  бука,
        соҕотох  уол  диэн  буоллаҕа  буолуо,  бэйэлэрин  анныларынан  суруйтарбакка
        төрөппүт  дьонум  аатынан-суолунан  илдьэ  сылдьыбыттар.
            Таайым  Анисофор  эдэригэр  Курильскай  арыьшарга  армияҕа  сулууспалаа-
        быт.  Онно  сылдьан  куртаҕынан  улаханнык  ыалдьан  кэлбит.  Сэрии  саҕанааҕы
        оҕо  аччык  аҥаардаах  сылдьан  тугу  аһаабыта-сиэбитэ  биллибэт.  Дьон  кэпсээ-
        нинэн,  аччык  кыһалҕатыттан,  бэл,  аан  бүрүөһүнүн,  тириини  буһаран  сиил-
        лэрэ  үһү.  Оннук  “ас”  туох  аанньа  буолуой,  ол  да  үгүс  дьону  куртах  ыарыһах
        оҥордоҕо.  Таайым  Анисофор  армияттан  кэлэн  баран  Дьокуускайга  киирэн
        куртаҕын  эпэрээссийэлэппитэ.  Төһө  да  аалларан  ыалдьа  сырыттар,  холкуос
        үлэтигэр  дьону  кытта  тэҥҥэ  үлэлэһэрэ.
            Дойду  сиргэ  кураан,  сут  буолан  Намҥа  оттоон,  онно  сүөһү  үүрэн  киллэ-
        рэн  кыстатан  олорон,  1955  сыл  Нам  Таастааҕыттан  Гоголева  Екатерина  Ми-
        хайловнаны  кэргэн  ылбыта.  Кинилэр  Намынан,  Суотту  Кыһыл  Кырдалынан
        көһөн  олорбуттара  уонна  1960  сыллаахха  Анисофор  ииппит  аҕата  П.А.Алек-
        сеев  олорор  Хомустааҕар  (Лөгөй  нэһилиэгэ)  көһөн  кэлбиттэрэ.  Холкуос  дьо-
        но  көмөлөһөннөр  Анисофордаах  Кэтириис  Хомустаахха  дьиэ-уот  туттан,  оҕо-
        уруу  төрөтөн  олохсуйан,  бэйэ  дьоно  буолбуттара.  Таайым  Анисофор  маска
        да,  тимиргэ  да  уһанар  дьоҕурдааҕа.  Сайынын  от  охсор  косилканы,  мунньары
        кини  өрөмүөннүүр  буолара.  Саҥаспыт  Екатерина  Михайловна  эдэр  сааһыгар
        наар  ыанньыксытынан  үлэлээбитэ.  Кэргэнэ Анисофор  Петрович  олохтон  эрдэ
        барбытын  кэннэ  оҕолорун  бэйэтэ  иитэн,  көрөн-истэн  атахтарыгар  туруортаа-
        быта.
            Саҥаспыт  Е.М.Гоголева  дьаһаллаах,  барыны  бары  ааҕан-суоттаан  хамса-
        нар  буолан  хойукка  диэри  дьон  тэҥинэн  сүөһүлэнэн-астанан  быр  бааччы
        олорбута.  Билигин дьонун дьиэтигэр улахан уола Александр олорор,  сүөһүтүн-
        аһын  көрөр-истэр.  үс  кыргыттара  Альбина,  Наташа,  Саргы  эмиэ  Хомустаах-
        ха  бааллар.  Валентина  Мэҥэ-Хаҥалас  Хорообутугар  ыал-күүс  буолан  оло-
        рор.
            Онон  таайым  Анисофор,  саҥаһым  Кэтириис  икки  өртүттэн  дьоҥно  да
        иитиллибиттэрин  иһин,  ааттарын  ааттатар  дьоннордоохтор.
                                               Николай Дмитрьевич  Попов,  сиэн быраата,
                                                                                 2012 с.



                                                                                    235
   234   235   236   237   238   239   240   241   242   243   244