Page 234 - Уйбаан Бахсылыырап. Сэрии кэмин оҕолоро - эйэлээх олох уустара
P. 234

ИЙЭБЭР  КӨМӨЛӨҺӨӨРҮ  ҮӨРЭММЭТЭ5ИМ
                  В.И.Новгородов  кэргэнэ  А.Ф.Готовцева  эмиэ  сэрии  тулаайаҕа.  Кини
              аҕата  Бээрийэ  нэһилиэгин  холкуостааҕа  Готовцев  Филипп  Ефимович,  сэ-
              риигэ  1942  сыл  сайынны  бастакы  хомуурга  ынырыллыбыта.  Удьуору  сал-
              гыахтаах,  аатын  ааттатыахтаах  уолчаана  сэрии,  сут-кураан  кыһарҕа-
              ныттан  киһи  буолар  дъылҕаламматаҕа.
                  Ийэлэрэ,  Гуляева  Парасковья  Ивановна,  устээх-туөртээх  кыыһын
              Аананы  кыһын  дьукаах  ыалыгар  хааллара-хааллара,  сайынын  титииккэ
              бэйэтин  кытта  илдьэ  сылдьан  үлэлиирэ.  Аҕалара  уоттаах  сэрии  толоону-
              гар  сылдьара,  1943  сыл  дьонугар   “сураҕа  суох  сүттэ”  диэн  биллэриитэ
              кэлбитэ.  Ол  курдук  огдообо  хаалыы  муна,  “тулаайах” диэн  дьарылык  ки-
              нилэри  да  тумнубатаҕа.  Эмиэ  биир  оҕо,  сэрии  тулаайаҕа,  төрөппут  аҕа
              амарах  таптала  диэни  билбэтэҕэ...
                  Анна  Филипповна  Гэтовцева  тулаайах кыһалҕатыттан  7 кылаас  уөрэ-
              ҕинэн  үөрэнэн  бутэн,  оччотооҕу  кэмнэ  “холкуостаах  оҕото  холкуостаах”
              дэнэн  бастаан  биригээдэҕэ  бороон  көрбүтэ.  Онтон  үлэтигэр  дьулуурдаах,
              ыраас  туттунуулаах  кыыска  саас  12  төрүүр  бургунаһы  туттарбытта-
              ра.  Ити  кэмтэн  ыла  Анна  Филипповна  Готовцева  30-н  тахса  сыл  устата
              ыанньыксытынан,  осеменаторынан,  бороон  көрөөччүнэн  үлэлээн  пенсияҕа
              тахсыбыта.
                  Билигин  А.Ф.Готовцева  бэйэтэ  кэпсээнин  кытта  билсиэҕин.
            Аҕам  Готовцев  Филипп  Ефимович,  Бээрийэ  нэһилиэгин  “Туругурдуу”
        холкуос  биир  турук  үлэһитэ  эбитэ  үһү.    Кини  кыһынын  Ааллаах  Үүҥҥэ
        биэс  атынан  таһаҕас  таһыытыгар  сылдьар  эбит.  Арыт  сайын  холкуос  сыып-
        паратын  толоро  куоракка  тутууга  үлэлии  киирэр  эбит.  Ийэбинээн  Гуляева
         Парасковья  Ивановналыын  отутус  сыллар  бүтүүлэрэ  ыал  буоланнар,  миигин
         1938  сыл ахсынньы 27  күнүгэр төрөппүттэр. Аҕам бөдөҥ-садаҥ,  күүстээх киһи
        эбит.  Аҕам  сэриигэ  барарыгар  биһиги  сайылыкпытыгар  Таппаҕаҕа  олорор
        үһүбүт.  Элбэх  аттаах дьон  кэнниггэн  аҕам  миигин  көтөҕөн  иһэрин  өйдүүбүн,
        хомойуох  иһин,  бу  кэннэ  уонна  аҕам  туһунан  туох  да  атын  өйдөбүл  суох.
        Аҕабыт сэриигэ барбытын  кэннэ  ийэм  үксүн  эр  киһи  үлэтин  үлэлиирэ.  Сайы-
        ны  быһа  дулҕалаах  үрэхтэргэ  токур  хотуурунан  от  охсоро.  Саас  ыһыыга  сиэ-
        мэ ыстара сылдьан,  Ытык диэн сиргэ  айаас  акка оһоллоно сыспытын  кэпсиир
        буолара.  Ийэм  үлэҕэ  сылдьар  буолан,  сайыны  быһа  эбэбин  кытта  сайылыы-
        рым,  ийэбин  наһаа  ахтарбын  билиҥҥээҥҥэ  диэри  өйдүүбүн.
            Сэрииттэн  одоҥ-додоҥ  дьоннор  эргиллэн  кэлбиттэрэ,  биһиги  аҕабыт
        суоҕун  курдук  суоҕа...  Ийэм  1946  сыллаахха  Мигалкин  Филипп  Николаевич
        диэн  киһиэхэ  кэргэн  тахсан,  биһиги  ыал  Томторго  көһөн  киирбиппит.  Том-
        тор  оччолорго  “Калинин”  холкуос  бөһүөлэгэ  этэ.  Филипп  Николаевич  ба-
        лык  биригээдэтин  биригэдьииринэн  үлэлиирэ.
            Сэрии  сылларыгар  кини  салайар  биригээдэтэ  уһулуччу  ситиһиилэрдэ-
        нэн,  тус  бэйэтэ  Сталинтан  “Махтал  суруктаах”  этэ.  Ити  сыл  мин  бастакы
        кылааска  үөрэнэ  киирбитим.  Сэрии  кэнниттэн  да  үлэһит  илии  олох  тиийбэт
        буолан,  холкуоска  оскуолаҕа  үөрэнэр  оҕолору  барыларын  үлэлэтэллэрэ.  Саас
        хортуоппуй  олордуутугар,  сайын  хортуоппуй  сыыс  отун  ыраастааһыныгар,
        күһүн  хортуоппуй  хомуурун  үлэтигэр  барытыгар  үлэлэһэрбит.  Ийэм  ыалдьар
        уонна  кыра  оҕолордоох  буолан,  киниэхэ  көмөлөһөөрү  икки  сыл  төрүт  да
        үөрэммэтэҕим.
            Ити  сылларга  биһиги  Бээрийэ  нэһилиэгин  ыпсыытыгар,  кыстык  сиргэ
        тахсан,  дьоммут  сүөһү  көрөн  кыстаабыппыт.  Билигин  санаатахха,  муостата
        230
   229   230   231   232   233   234   235   236   237   238   239