Page 36 - Умнуллубат ол сыллар.. 2012 М.А
P. 36

Ким да умнуллубат,

            буоланнар,  үс  сыл  олорбутум.  1952  сыллаахха  оскуолабын  бүтэ-
            рэн,  Мүрү  10  кылаастаах  оскуолатьҥар  ахсыс  кылааска  киир-
            битим.  1955  сыллаахха  орто  үөрэҕи  бүтэрбитим.  Оччотооҕу  оҕо
            оскуола  маһын  бэйэтэ  масгыыр  этэ.  Хас  биирдии  оҕо  икки  са-
            һаан  маһы  эрбээн,  саһааннаан  биэрэр  этибит.  Оҕо  барыта  үлэ
            үөһүгэр улааппыта, бэрээдэк бөҕө, дьонуҥ этэллэрэ — сокуон.
               Кэнники  үс  сыл  библиотекарынан,  онтон  идэбин  уларытан,
            Чараҥ  оскуолатыгар  иитээччинэн  үлэлээбитим.  1958  сыллаах-
            ха  орто  анал  үөрэҕи  бүтэрэн,  Суоттуга  үлэлээбитим  эмиэ  үчү-
            гэй  өйдөбүлү  хаалларбыта.  1961  сыллаахха  кэтэхтэн  педаго-
            гическай  үөрэҕи  бүтэрбитим.  Кэлин  Түүлээх  оҕо  саадыгар
            иитээччинэн,  онтон  сэбиэдиссэйинэн  үлэлээн  пенсияҕа  тах-
            сыбьггым.
                                                                   2004с.




                                               Заболоцкая
                                        Варвара Александровна
                                   Мин  1932  сыллаахха  II  Байаҕантайга
                                колхозтаах   дьиэ   кэргэҥҥэ   төрөөбүтүм.
                                Уончалаах  сааспыттан  ийэбэр  дьиэ,  хотон
                                үлэтигэр  үлэлэспитинэн  барбытым.  Оҕо
                                эрдэхпитгэн  араас  үлэҕэ  —  сир  хорутуу-
                                тугар,  окко  тэҥҥэ  сылдьыһар  этим.  От
                                үлэтин  кэмигэр  куйааска  оҕустар  сүүрэр-
                                дээн эрэйдиир даҕаны этилэр.
                                   Аҕам  өлбүтүн  кэннэ,  16  саастаахпар
                                Дьаамсьпс  Маайа  Түүлээххэ  көһөрөн  кил-
            лэрбитэ.  Сут  саҕана  ас-таҥас  суоҕа  кыһалҕаҕа  тэбэрэ.  «Биир-
            дэ тото аһаабыт киһи», - диэн баҕарар этибит.
               Оччотооҕу  «Кылаайы»  колхозка  уопсайа  20  сыл  ыаннььпс-
            сьггтаабытым.  Техникадиэни  түһээндакөрбөккүн,  үлэ  барыта
            илиинэн буолара.
               Кириэстээххэ  сиэмэ  ыһыытьҥар,  сири  сухалыырга  оҕус  сиэ-
            тиитигэр  сылдьарбыт.  Түүлээххэ  от  үлэтигэр  эр  дьону  кытта
            тэҥҥэ  үлэлэһэр  буоларым.  Кэлин  сүүрбчэ  сыл  оҕо  саадыгар
            ньээнтсэлээн пенсияҕа тахсыбытым.
                                                                   2004с.
                                         34
   31   32   33   34   35   36   37   38   39   40   41