Page 37 - Сахаайа Ермолаева Тыыннаах ырыа
P. 37
11.
Дьиҥинэн эн миэхэ теорема курдуккун,
Холобур гыныахпын кэпсээ дуу уопуккун.
Элгээннээх олоҕу оломноон туоруохпун,
Сааһылаан сырдат дуу плюскун, минускун.
Плюһум, — диэтиҥ эн, — доҕорум элбэҕэ,
Өһүөннээн өһөрүөх өстөөҕүм сэдэҕэ...”
Минуһум, — диэтиҥ эн, — бэйэбин сэнэниим,
Күннээҕи күрээҥҥэ сүрэхпин сүүйтэриим...”
“ Киитэрэй дьоннорго кииртэлээн да биэриим,
Мэҥиэлээх хапкааҥҥа атахпын эчэтиим.
Уонна бэрт былдьаһыы кыҥаабыт көрүүтэ
Бүгүн да көхсүбүн дьөлүөн сөп диэм этэ”.
* * *
Олоххо чочуллан эн сааскар тиийдэрбин —
Ол эрэ толору өйдөтүө эйигин.
35

