Page 38 - Сахаайа Ермолаева Тыыннаах ырыа
P. 38

12.

                — Этиэҥ дуо, бу сиргэ дьоллоох дьон диэн кимий?
                — Төһөнөн ким  элбэх доҕордоох — од дьоллоох.
                — Оччоҕо бу сиргэ сордоох дьон диэн кимий?
                — Төһөнөн ким үгүс өстөөхтөөх — ол сордоох.

                —  Бу сиргэ ыччат дьон анала туохханый?
                —  Ыал буолан оҕону-урууну ууһатыы.
                — Бу сиргэ ыччат дьон соруга туохханый?
                — Сүрэхтээх үлэһит буоларга тардыһыы.

                — Оттон мин,  хоһоонньут,  соругум туохханый?
                —  Ыччаты сиэр-майгы бастыҥар иитиһии,
                Эгоист, бэрдимсик буолууттан сэрэтии;
                Кырдьаҕас алгыһын  ылары ситиһии.

                *  *  *
                Дьэ,  кырдьык,  үтүо да үгэскэ ииппиккин —
                Мин ону олохпор толорон истэрбин...


























          36
   33   34   35   36   37   38   39   40   41   42   43