Page 40 - Сахаайа Ермолаева Тыыннаах ырыа
P. 40

14.

                   Мөҥүрүүр мөккүөргэ, айаатыыр айдааҥҥа
                   Анализ оҥорон ырытан барарга,
                   Синтезтиир ньыманан туймуулуур түмүккэ —
                   Үөрэттиҥ-үрдэттиҥ үчүгэй  үгэскэ.
                   Логика сокуонун лоп-бааччы өйдөтөн,
                   Табарбын биһирээн,  сыыһарбын көннөрөн,
                   Сырдыктаах хараҥа былдьаһык быыһыгар
                   Мунартан быыһыыгын — сирдиигин сырдыгар.

                   Харыһык алгыстаах хараанныыр тылларыҥ
                   Кырыылаах алмаастыы арылыс гыналлар.
                   Кустуктуун куустуспут эдэркээн саастарыҥ,
                   Саҕахтыын силбэһэн,  сандаара сырдыыллар.

                   *   *   *
                   Дьулуһуом  — сирзртэн хайгыыры буларга,
                   Хайгыыртан  — сириллии саспытын аһарга.
























           38
   35   36   37   38   39   40   41   42   43   44   45