Page 2 - Тойон Муругэ Елуенэ уута кэлиитэ
P. 2

дьонугар-сэргэтигэр уонна тулалаан турар айгыр силик айылҕатыгар охсуута

            улахан буолла, киниэхэ үөскүүр араас балыгар, үөнүн-көйүүрүн
            үөскээһинигэр харгыс буолла. Олор түмүктэригэр микроклимата лаппа
            уларыйда. Кини урукку үүнүүлээх сыһыылара уһун курааннар

            охсууларыттан үүнүүлэрэ мөлтөөн курдаххай дьүһүннэннэ. Ити ыарахаттары
            туоратыыга улуус салалтатыгар үлэлээн ааспыт хас да көлүөнэ
            салайааччылар Эбэни уулааһын боппуруостарынан утумнаахтык

            дьарыктаммыттара. Ол курдук, Аҕа дойду Улуу сэриитин кэнниттэн Хоро
            нэһилиэгин Маленков аатынан колхоз салалтата (председатель П.И.
            Колодезников уонна Чараҥ бөһүөлэгин олохтооҕо, колхознай тутуу ветерана

            Д.И. Гуляев) колхозтаахтар туруорсууларынан өйөөн, кинилэр таһаарыылаах
            үлэлэрин уонна оройуон киинин Бороҕон тэрилтэлэрин үлэһиттэрэ үгүс
            элбэх субуотунньуктарынан оҥоһуллан Буочара үрэҕэ Эбэ түһэр төрдүгэр

            оройуоҥҥа иккиһинэн аһыллар-сабыллар ааннаах быһыт тутаннар Чараҥ
            бөһүөлэгин олохтоохторун иһэр уунан хааччыйбыттара.1
                   Уус-Алдан улууһун сирэ-уота Өлүөнэ уонна Алдан өрүстэр

            кирбиилэрин арҕастарыгар сытар буоланнар, сотору-сотору түһэн ааһар
            курааннартан улаханнык эмсэҕэлиир. Кини уонунан үрэхтэрэ уһун кураантан
            сүүрдүбэт буоланнар кинилэр хочолоро, сыһыылара курааннаан кубарыччы

            куураллар, үүнүүлэрэ мөлтүүллэр. Хас да сүүһүнэн ааҕыллар алаастарын
            уонна тыымпыларын күөллэрэ оҥойо уолаллар, үрүҥ тураҥынан
            төгүрүтүллэн туттайа сыталлар, күөх ньамаҕынан бүрүллэннэр сытыйбыт

            сытынан аҥалыйа сытар обоччо бадарааннарга кубулуйаллар. Айылҕа
            маннык хобдох уларыйыылара киһиэхэ-сүөһүгэ уонна тулалыыр эйгэҕэ
            улахан ыарахаттары үөскэтэр. Олор истэригэр Мүрү Эбэ күөлүн уолуута

            олохтоох нэһилиэнньэҕэ охсуута улахан уонна инникитин хайдах буолуой
            диэн боппуруос куруук үүйэ-хаайа тутар. Ол да иһин бу боппуруос улуус хас
            да көлүөнэ устата үлэлээн ааспыт салайааччыларын үлэлэрин быстыспат

            сорҕотунан буолбута мэлдьэҕэ суох. Кинилэр нэһилиэнньэ туруорсууларыгар
            олоҕуран туһааннаах тэрилтэлэригэр туруорсубуттар. Юлор түмүктэригэр
            ааспыт уһун кэмнэргэ Мүрү Эбэни уулааһын туһунан үгүс этиилэр, санаалар

            уонна үлэлэр bibiTbLiwbi6biTTapJ
                   Олортон сорохторун олоххо киллэрэ сатааһыҥҥа холонон көрүүлэр
            уонна үлэлэри ыытыылар барбыттара. Кинилэр хас биирдиилэрэ, улуус

            оччотооҕу экономическай-финансовай балаһыанньатын, кини техническэй
            өттүнэн сэбилэниитин кытта ыкса сибээстээхтэр.
                   Оччотооҕу оройуон нэһилиэнньэтин, салайар үлэһиттэрин уонна

            биирдиилээн дьон өйдөрө-санаалара ууну Танда үрэҕиттэн аҕалыы
            боппуруоһугар тохтууллара. Ууну Танда үрэҕиттэн аҕалыы боппуруоһун
   1   2   3   4   5   6