Page 50 - Дүпсүн сирэ
P. 50

эһэтэ Улуу Нуутуйаан Алдан кытылыгар Андылаах уонна Чараҥ диэн сирдэри-
          нэн көһө сылдьан олорор этэ дэммит.  Бу Андылаах диэн элгээн күөл билиҥҥи
          II  Өспөх  сиригэр  баар.  Бу  күөл  кытылыгар  былыр-былыргыттан  киһи-сүөһү
          бэркэ тоҕуоруйан  олохсуйа  сылдьыбыт сирэ.  Күөл  соҕуруу өттүгэр  ханнык да
          сааскы халаан уута ылбат үрдүк сирдээх. Онтон Чаран диэн Дүпсүн эҥээр алаас
          да,  атын  түөлбэ  сир  баара  биллибэт.  Арай  Бээди  алаас  соҕуруу эҥээрэ  Чараҥ
          диэн  былыр-былыргыттан  күн  бүгүнүгэр  диэри  ааттанар.  Мин  бэйэм  Бээди-
          гэ  үөскээбит  киһи  быһыытынан  бу  сири  бэркэ  билэбин.  Биһиги,  дүпсүттэр,
          Чараҥ  туһунан  кэпсэнэр  буоллаҕына,  Бээди  диэбэккэ  соҕотохтуу  Чараҥ  эрэ
          диэн этээччибит. Көннөрү кэпсэтии кэмигэр атаас улахан аата этиллибэт. Тоҕо
          диэтэххэ,  Бээди улахан алаас.  Бу улахан алаас туда былыр-былыргыттан хас да
          аҕа  уустара  түөлбэлээн  олорбуттар.  Ол  иһин  ыал  олохсуйбут  алаас  биир  эрэ
          түөлбэтэ  быстах  кэпсэтиигэ  ааттанар.  Саха  үгэһинэн  улахан,  ыгык сири  мээ-
          нэ,  айахха  киирбиччэ,  аатын  ааттыы  сылдьыбаттар.  Онон  былыргы  сэһэнҥэ
          ыйыллыбыт  Чаран  диэн  түөлбэ  Бээди  Чарана  буолан  тахсар.  Ол  аата  Улуу
          Нуутуйаан  Бээдинэн,  Алданынан  көһө  сылдьан  олохсуйбут  буолуон  соп.  Су-
          рукка киирбит сэһэннэргэ  Өспөх Тойону  Улуу  Нуутуйаан  сиэнэ  курдук этил-
          лэр.  Аны  туран  Сэһэн  Боло  кинигэтигэр  баар дүпсүттэр  родословнай  табли-
          цаларын  ылан  көрдөххө,  Өспөх Тойон  удьуора  Булгаһы  ыйыллар.  Бу  Булгаһы
          кырдьаҕас санардыытааҕы соҕус киһи буолан, кипи туһунан сэһэннэр, олорбут
          сирэ  чопчу  биллэр.  Кини  олоҕо  Бээдигэ  Күүлэ  икки  Хойоно  икки  ардыла-
          рыгар баар арыы тыа соҕуруу тумсугар баара  эбитэ  үһү.  Итинтэн  көстөрүнэн,
          Өспөх  Тойон  өбүгэтэ  да,  удьуора  да  Бээдигэ  олохтоохтор  эбит.  Онон  кини
          эмиэ  Бээдигэ олорбут буолуон соп.
             Ити  түмүк  алаас  географическай  историятын  бэркэ  бигэргэтэллэр.  XVII
          үйэ  бастакы  анаарын  саҕана  Бээди  курааннаан,  ходуһаланан  турар  кэмнэ-
          рэ  этэ.  Бээдигэ  Күүлэ  диэн  ааттаах  түөлбэ  баар.  Бу  түөлбэ  Бээди  иһигэр,
          алаас  хотугулуу-арҕаа  тыатын  кытыытыгар,  алааһы  бүтүннүү  корон  олорор
          тумуһах.  Бу  тумуһах  кэтэх  өттүгэр  куталаах,  ыраас  уулаах  күөл  баар.  Дьэ  ол
          иһин бу тумуһахха былыр-былыргыттан күн бүгүнүгэр диэри киһи-сүөһү бэр­
          кэ  тоҕуоруйан  тохтоон  олохсуйбут  сирэ.  Аны  «Күүлэ»  диэн  аат  тылы  ылан
          көрүөҕүҥ.  Э.  Пекарскай  (1959)  тылдьытыгар,  быһаарыылаах  да  тылдьыкка
          (1994)  күүлэни  —  дьиэҕэ  киирэргэ  дьиэ  аанын  хаартан-самыыртан  хаххалы-
          ыр  тутуу дэнэр.  Оттон  И.С.Васильев  (1994)  «II  Күүлэт  нэһилиэгин  история-
          тыттан»  диэн  хомуурунньукка  бу  курдук  суруйар:  «Сахалар  тонустар  сабыта
          түһүүлэриттэн  сул  тиити  быыһа  суох  кэккэлэтэн,  маҥан  ураһатарын  эргийэ
          күүлэ диэни туттубуттар.  Тонустар хоһууннара  күүлэни туда кото сылдьан ох-
          торун  өрө  тута-тута  ытыалыы  сатаабыттар...  Бу  күүлэ-хахха  сахалары  биирдэ
          эрэ уонна  манна эрэ быыһаабатах буолуохтаах»  (5-с сирэй).
             Үөһээ  этиллибиттэн  көстөрүнэн,  Саха  былыргы  тылыгар  «күүлэ»  —  хахха,
          кириэппэс диэн  суолталаах  эбит.  Оччоҕо бу  Бээди  Күүлэтэ былыр  кириэппэс
          турбут сирин ыйа сылдьар буолан тахсар. Онон С.А. Токарев кинигэтигэр ыйыл­
          лыбыт  сахалары  тыыннаахтыы  умаппыт сирдэрэ  Бээди  Күүлэтэ  буолуон  соп.
          Дүпсүн  сиригэр  Бээди  курдук өҥ дьылга  1500 тонна  оту биэрэр.  сүөһү  иитэр
          дьарыктаах дьон  былыр-былыргыттан  уутуйан  олохсуйбут ытык сир суох. Дьэ
          46
   45   46   47   48   49   50   51   52   53   54   55