Page 214 - Элэс Боотур Бүөтүр Оҕотоойоп
P. 214

Сүдү бөҕөстөр
                               Тустан туманнаттылар,
                              Тэҥнээхтэрин булбатылар.
                               Кэрэ кэпсээннээх,
                               Кэс тыллаах
                      6960 Кыырык төбөлөр
                               Кэнчээри ыччакка
                               Кэпсээн кэҕийдилэр,
                               Сир түннүктэрэ,
                               Сээркээн Сэһэттэр,
                              Сэттэ уон сэттэ сиэннэригэр
                              Сэһэргээн сэргэхситтилэр.
                              Хоһоонньут хобо-чуорааннар
                              Хоһулуу, хайгыы көрбүттэрин
                              Хоһуйан хобдьоордулар.
                      6970 Ыраас куоластаах
                              Ымыы чыычаахтар,
                              Ыллам-дьэллэм ырыаһыттар,
                              Ыллаан-туойан дьэҥкэһиттилэр.
                              Уус тыллаахтар
                              Олох муудараһын
                              Омуннаан-төлөннөөн,
                              Уустаан -ураннаан,
                              Олоҥхолоон доллоһуттулар.
                              Сэттэ түүннээх күн
                      6980 Сытан сынньаммакка,
                              Аһаан-сиэн,
                              Оонньоон-көрүлээн,
                              Таҕыллара тарҕанан,
                              Тыыннара тахсан,
                              Улаат-халаат охтон
                              Утуйан хааллылар.
                              Үс түүннээх күн
                              Өлбүт курдук
                              Үргүлдьү утуйан,
                      6990 Сылаалара тахсан,
                              Санаалара көнөн,
                              Үөрэн-көтөн,
                              Өрөйөн-чөрөйөн
                              Ууларыттан уһуктаат,
   209   210   211   212   213   214   215   216   217   218   219