Page 64 - Олоҥхо биһигэр
P. 64

гэ төрөөбүт убайа.  Үлэ,  сэрии ветерана.  Оройуонугар олоҥхону үчү-
        гэйдик толорооччу буолан  олоҥхоһуттар  семинардарыгар,  конкурс-
        тарыгар  кыттыбыт.  Бэйэтэ  эмиэ  олоҥхолуура  үһү.
                    1.5.7.  ПОПОВ  ВАСИЛИЙ  АЛЕКСЕЕВИЧ-
                             БАРАХСАН  БАҺЫЛАЙ
                                   ( 1 9 0 9 - 1 9 8 5 )
            1909 сыллаахха Чэриктэй нэһилиэгэр сэниэ ыалга төрөөбүт. Эһэтэ
        олоҥхоһут  Попов  Болодьумар  аҕата  Алексей  Владимирович  Попов
        дьикти  кэрэ  куоластаах ырыаһыт,  олоҥхону толорооччу  эбит.

                   1.5.8.  ПРИБЫЛЫХ  ПАВЕЛ ДМИТРИЕВИЧ
                                      (1 9 3 5 )
            1965 с.  Саха государственнай университетын бүтэрэн,  «Дүпсүн»
        совхозка зоотехнигынан, онтон Дүпсүн орто оскуолатыгар учууталы-
        нан  өр  сылларга  үлэлээн  пенсияҕа  тахсыбыта.  Аһаҕас,  дьэҥкэ  куо­
       ластаах Павел Дмитриевич аныгы сахалыы ырыалары,  оһуокайдары,
        олоҥхоттон  быһа  тардыылары  толорорун  көрөөччүлэр  өрүү
        биһирииллэр.  Дүпсүннэр  Л.П.Новогодин  «Күн  Эрили»  олоҥхотун
        туруоран  улууска,  республикаҕа  биллиилэритэр  П .Д .Прибылых
        Күн  Эрили  оруолун  кыайа-хото  тутан  толорбутун  бэлиэтээбиттэрэ.
        П.Д.Прибылых улууһугар биллэр ырыаһыт, тойуксут, оһуохай тылын
        этээччи.  Л.П.Новогодин  өлбүтүн  кэннэ  оскуола  оҕолорун  «Кустук»
        фольклорнай  (тойуксуттарын)  ансамблын  салайбыта.  Эдэр  ыччаты
        норуот тойугар  үөрэтиигэ айымньылаахтык ылсыһан  үлэлиир.  Кэн-
        ники  кэмҥэ улууска ыҥырыыга сылдьар  алгысчыт буолар.
            Прибылых  П.Д.  Дьокуускайдааҕы  араадьыйаҕа  уһултарбыт  то-
        йуктара:
            1.  Прибылых  П.Д.  Улуу  Кыайыыны  уруйдуубун.
            2.  Прибылых  П.Д.  Убайым  кэриэһигэр.
            3.  Прибылых  П.Д.  Дүпсүн  сирэ.
            4.  Прибылых  П.Д.  Ветераннар.

                    1.5.9.  СЫРОВАТСКАЙ  ПЕТР  ЕВСЕЕВИЧ
                                   ( 1 8 9 4 - 1 9 8 0 )
            Чэриктэй  нэһилиэгэр  төрөөбүтэ.  Колхозка  араас  үлэлэргэ
        үлэлээбитэ.  Киниттэн  Н.Н.Ш ергин  «Дьэллик  сиэр  аттаах  Тэбэ-
       гэй  Бэргэн»  диэн  олоҥхону  истибит.  Петр  Евсеевич  нэһилиэгэр
       олоҥхоһутунан  буолбакка ордук ырыаһытынан  биллибит.
                  1.5.10.  СИВЦЕВ  СЕМЕН  ИННОКЕНТЬЕВИЧ
                                   ( 1 9 3 2 - 2 0 0 3 )
            1932  сыл  балаҕан  ыйын  12  күнүгэр  Тэбиик  нэһилиэгэр  Түҥүр

       60
   59   60   61   62   63   64   65   66   67   68   69