Page 67 - Олоҥхо биһигэр
P. 67

айымньы  баарын  эт  кулгаахпынан  истэн,  суруйан  итэҕэйдим»,  —
        диэн  бэлиэтээн турар.
            Оннук талааннаах дьоннортон биирдэстэринэн Бороҕон улууһун
        II Өлтөх нэһилиэгин киһитэ Дмитрий Михайлович Говоров-Олоҥхоһут
        Миитэрэй буолар. Дмитрий Михайлович бэйэтэ этэринэн да, научнай
        литератураҕа  суруллубутунан  1848  с.  төрөөбүт.  Онон  145  сылыгар
        аналлаах олоҥхо күннэрин Уус Алдаҥҥа тэрийэн  ыытгыбыт.
            Революция иннинэ төрөөн-үөскээн ааспыт биһиги сүдү талаан­
        наах  олоҥхоһут  тарбыт  бэрт  киэҥ  ыырдаах  буоланнар,  олоҥхону
        бэйэ-бэйэлэриттэн  истиһэн  сайыннарбыттара.  Педагогический
        наука кандидата, литературовед, фольклорист Г.М.Васильев «Живой
        родник»  диэн  кинигэтигэр:  «Олоҥхо  саамай  мунугаан  сайдыбыт
        кэмэ  19-с  үйэ  бүтүүтэ,  20-с  үйэ  саҕаланыыта.  Бу  кэмнэргэ  биһиги
        олоҥхоһуттарбыт киэҥ сиринэн  сьщцьан,  бэйэ-бэйэлэрин  истиһэн,
        атын улуус ааттаахтарын кыттан күрэстэһэн олоҥхону сайыннарбыт­
        тара»,  — диэн  суруйар.
            Д.М.Говоров-Ырыа  Миитэрэй  эбэтэр  Олоҥхоһут  Миитэрэй
        олоҥхоһут  быһыытынан улаханнык аатырбыт-сураҕарбыт киһи. Кини
        бэйэтин  түбэтигэр  эрэ  олорботох,  элбэх  сиринэн  сылдьыбыт,  киэҥ
        ыырдаах эбит. Ол курдук, кини эдэр-сэнэх эрдэҕинэ Өлүөнэ баһынан,
        көмүстээх  Бодойбонон,  Верхоянскайынан,  Өлүөхүмэнэн,  Дьокуус-
        кайынан хамнаска сылдьыбыт.  Ол сылдьан атын дойду ааттаахтарын
        кытта элбэхтик туойсан, олоҥхолоһон, күрэхтэһэн бэйэтин талаанын
        сайыннарбыт.  Өскөтүн  кини  итинник киэҥ сиринэн  сылдьыбытаҕа
        эбитэ  буоллар  кини  талаана  сайдыа  суоҕа  эбитэ  буолуо.  Аатырбыт
        олоҥхоһуттар  кимтэн  уһуйуллубуттарын,  ким  олоҥхотун  истэн
        үөрэппиттэрин  чопчу  ыйар  үгэстээхтэрэ.  Ырыа  Миитэрэй  бэйэтэ
        да,  дьоннор  да  ахталларынан  олоҥхоҕо  уһуйбут  киһитинэн  I  Бэрт
        Ууһун олоҥхоһутун Иван Охлопкову-Чочойбоҕу ааттыыр эбит. Кини
        аҥаардас  олоҥхоһут  эрэ  буолбакка  сүрдээх  үчүгэй  остуоруйаһыт,
        тойуксут, алгысчыт, сэһэнньит — бары өттүнэн дэгиттэр талааннаах.
        Говоровтан  суруллубут  «Кыргыска  киирэр  алгыһын»  1970  с.  «Саха
        фольклора»  диэн  Суорун  Омоллоон  таһааттарбыт  хомуурунньугар
        киллэрбитэ. Олоҥхоһут  Миитэрэйи кытта алтыһан ааспыт дьон, кини
        нуучча фолькюрун айымньыларын эмиэ үчүгэйдик кэпсиир,  нуучча
        былинатын  уу  сахалыы  кэпсээн  биэрэр  үгэстээх  этэ  диэн  ахталлар
        эбит.  Хомойуох иһин,  ол  барыта  суруллубакка хаалбыт.
            Дмитрий  Михайловиһы  олоҥхоһут  быһыытынан  арыйбыт
        киһинэн Саха АССР үтүөлээх учуутала Георгий Васильевич Данилов
        буолар.  Кини  баара-суоҕа  19 саастааҕар  аан  маҥнай  1930  с.  Говоров
        «Эрбэхтэй Бэргэн» диэн олоҥхотун кэпсээн курдук суруйбута.  1940 с.
        Говоров  бу  олоҥхотун  иккистээн  хоһоонунан  суруйтарбыта  инсти­
        тут архыыбыгар ууруллан  сытар.  Олоҥхоһут  Миитэрэй «Бүдүрүйбэт
        Мүлдьү Бөҕө» диэн олоҥхотун Алексей Федорович Бояров суруйбута.
        Бу олоҥхо Ойуунускай көҕүлээһининэн латинскай алфавитынан туспа
        кинигэнэн бэчээттэнэн турар.  Билигин  бу кинигэ биирдиилээн  эмэ

                                                                        63
   62   63   64   65   66   67   68   69   70   71   72