Page 138 - Сергей Васильев. Хоһооннор, поэмалар
P. 138
Дьөлөрүтэ тардыллан,
Чөҥөрүһэн исгилэр.
Халыйбыг хара былыттары
Хайа көтөн тахсаат,
Халлаан оройун үрдүттэн
Хайыһан, аллара көрбүтүм —
Халыйбыт хара былыттар
Ханан эрэ, алларанан,
Хара доллун төбөтүнүү,
Халталаһан хааллылар.
Иккис хартыгас,
Эрбийэ хара былыттары
Илдьи ытыйан тахсаат,
Эргиллэн аллара көрбүтүм —
Эрбийэ хара былыттар
Элбэх ыраах алларанан,
Элгээн ыалын ■буруотунуу,
Элээриһэн түстүлэр.
Үһүс хартыгас,
Үрүмэ көмүс былыттары
Өтөрү көтен тахсаат,
Өҥөс гынан көрбүтүм —
Үрүмэ көмүс былыттар
Үтүмэн-быдан алларанан,
Үрүҥ, сахсас баатаны
Үрэйэ-тэлгии тарпыттыы,
Үллүктэһзн хааллылар.
Ити мурду-к,
Үс былыт суорҕанын
Үтүрү көтөн тахсыбытым, —
Кыккаҕы-кыдьары сыһыарбатах,
Кыырай халлаан урсуна
Көмүс уктаах саабыла
Күөх өҥүнүү күндээрэр,
Кыталык кыыл барахсан
Кннатын иһинии кылбаарар...
Айаннаан иһэн
Аттара санаан көрдөхпүнэ:
Адрас аҕыйах хонно,
132

