Page 141 - Сергей Васильев. Хоһооннор, поэмалар
P. 141

У Л У У   С У О Л

                  Паровозтар,
                  Сылыгырас  көлөһөлөөх
                  Сыарҕаларын  соспутунан,
                  Сыыйыы  тимир  суолунан
                  Сындыыстана  сүүрэллэр...

                  Кинилэр  обурпулар,
                  Үг,үс  орудиены  тиэйэн,
                  Үргүлдьү  сырсаллар;
                  Халыҥ  армияны  таһан
                  Хардары-таары  аасыһаллар...

                  Сорох  паровозтар,
                  Оуон  арҕастарын
                  Сухалыы  дьукку  көтүтэн
                  «Арааньыс»  буолан  баран,
                  Аргыардаах  арҕааттан
                  Айаннаан  иһэллэр...

                  Сорох  паровозтар,
                  Суостаах  орудиелары,
                  Оул  дүлүҥ  курдук,
                  Сундулу  хара  тумустарын
                  Чуумпу  халлаан  оройун  диэки
                  Туһулуу  ыйдарбытынан,
                  Дьулурҕа  тимир  сыарҕаларга
                  Чохчоччу  тиэйэн  бараннар,
                  Модун  чупуун  моонньуларынан
                  Дьулуруччу  соһоннор,
                  Туе  арҕаа  диэки
                  Чускуутаһан  ааһаллар...
                                  135
   136   137   138   139   140   141   142   143   144   145   146