Page 169 - Сергей Васильев. Хоһооннор, поэмалар
P. 169
К Ы А Й Ы Ы Ы Р Ы А Т А
Кыырай эрэ,
Кыталык буолан,
Кырдалы, сыһыыны үрдүнэн,
Кыайыы ырыата!
Күерэй эрэ,
Күөрэгэй буолан,
Күөх толооннору үрдүнэн,
Күн дьолун үөрүүтэ!
Ыллаа,
Ымыы чыыч^ах буолан,
Ыаллаах алаас ахсын.
Эйээр,
Этигэн хамыс буолан,
Элгээн сыһыы устун.
Кэпсиэ, кэпсиэ, түргэнник,
Кэриэн ыччаттарым
Кэккэлэригэр киирэҥҥин,
Килбиэннээх кыайыы буолтун!
Албаннаах кыайыы,
Арылхай күн сырдыга буолан,
Айхаллаа,
Айыы дьонун
Алаһа дьиэтин
Аанынан киирэн!
Уруйдаа,
Урааҥхай саха
Уйгулаах остуолун
Ортотугар тыган!
Хайҕаллаах Советскай Армия
Хатарыыл&ах ыстаал кылыһынан
И* 163

