Page 185 - Сергей Васильев. Хоһооннор, поэмалар
P. 185
Оҥоһуллан төрөөбүт
Уорҕаларбыт эттэрин
Устар хара көлөһүнэ
Уллукпутунан сүүрэрин
Ороскуокка уурбакка
Ойон-тэбэн иһиэҕиҥ,
Оһуо-оһуо оһуокай!
Уулаах былыт ору-олдьуттаах,
Унаар куйаас тыыннаах
Илгэ быйаҥ сайыммыт
Илин диэкиттэн эргийдэ.
Толоон, сыһыы барахсан
Торҕо күөҕү үлбүннэ,
Ойуур, чараҥ барахсан
Оһуор киистэ иилиннэ.
Сүһүөхтэрдээх отторбут
Сүмэлэрэ сүүрүгүрдэ,
Мөһүүрэлээх отторбут
Мүөттэрэ ньалҕарыйда.
Чэйиҥ-чзйиҥ, чэкийдээр,
Чээлэй солко хонууга
Дьиэрэҥкэйдээн оонньуоҕуҥ!
Үстүүрүгэ салаалаах
Үкэр оппут үрдүгэр
Үрүмэччи үҥкүүлээтэ;
Тоҕустуура салаалаах
Локуорабыт быыһыгар
Тойон ыҥырыа лоҥкунаата;
Остуолбалыы бүтэйдээх
Оҕуруоппут иһигэр
Унаар түптэ күөдьүйдэ.
Эһиэ-эһиэ эһиэкэй,
Элгээннэри эймэтэн
Этэн-туойан иһиэҕиҥ!
Туора үрүҥ туһахталаах
Тойон атыыр оҕуспут
Локуоралыыр оппутун
Туоракалыы хадьыйан,
Логлостугас нокоолонон
Лоҥкуначчы айаатаата,
12* 179

